Алтынньы 16 күнүгэр Саха театра «Евразийскай тур» диэн ааттаммыт гастролун Бишкек куоракка арыйда. Саха сиригэр театр искусствота үөскээбитэ 110 сылыгар анаммыт улахан тэрээһин саха театральнай искусствотын аан дойду таһымыгар таһаарбыт Ч.Айтматов «Хаарыан хампа күөх кытылым» испэктээкилинэн саҕалаата.
Чингис Айтматов дойдутугар ити испэктээкил хаста да ыҥырыллан көрдөрүллүбүтэ эрээри, бу да сырыыга гастролу аһар чиэс Саха театрын биллэр-билинэр бэлиэтинэн (бренд) буолбут «Хаарыан хампа күөх кытылым» испэктээкилгэ сүктэриллиннэ. Бүгүн У.Шекспир «Тиит» испэктээкилин көрдөрүөхтэрэ, онтон салгыы Н.Лугинов «Улуу хуннар» испэктээкилин премьерата буолуоҕа.
«Саха театрын номохторо» диэн гастроллар программаларыгар барыта сэттэ испэктээкил баар. Үөһээ аттаммыт испэктээкиллэри сэргэ Шекспир «Илиир хоруолун», Г.Лорка «Иччитэх дьиэтин» («Дом Бернарды Альба»), А.Кулаковскай «Ойуун түүлүн» көрдөрүөхтэрэ уонна Москваҕа тиийэн Б.Брехт «Мамаша Кураж уонна кини оҕолоро» премьератынан гастролларын түмүктүөхтэрэ. Онон Саха театра Киргизия, Казахстан, Татарстан, Башкирия уонна Москва устун албаннаах айаннара саҕаланна.
Бу түгэн Саха театрын улахан гастролларын туһунан ааҕааччыга билиһиннэрэр тоҕоостоох.
Улахан гастроллар историяларыттан
Саха театрын «Улахан» диэн ааттанар гастроллара 1957 сыллаахтан саҕаламмыта. Ити сыл Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 325 сылын Москваҕа «Саха сирин литературатын уонна искусствотын күннэрин» тэрийэн киэҥник бэлиэтээбиттэрэ. Дьэ, онно М.Жирков, Г.Литинскэй «Ньургун Боотур» оператын дойду тэбэр сүрэҕэр илдьэн ситиһиилээхтик көрдөрбүттэрэ билиҥҥэ диэри номох буолан кэпсэнэр. Саха олоҥхотун аан бастаан атын омуктар сөҕө-махтайа көрбүттэрэ. Ол кэмҥэ ити үөрүүлээх быһыыны-майгыны киин уонна республика хаһыаттара киэҥник сырдаппыттара.
Операҕа оонньообут биллэр артыыстартан Ньургун Боотуру толорбут Иван Перевалов, Анна Егорова (Туйаарыма Куо), С.Ларионов, З.Габышева идэлээх дьон уонна критиктэр үрдүк сыанабылларын ылбыттара анал музыкальнай үөрэхтээхтэринэн быһаарыллыан сөбө. Оттон драма артыыстара Константин Борисов (Үрүҥ Уолан), Николай Алексеев (Уот Уһутаакы), Аксинья Адамова (Кыыс Кыскыйдаан), Дмитрий Ходулов (Айыы Дьураҕастай), Петр Решетников, Гаврил Колесов (Сорук Боллур) оонньуулара үрдүктүк сыаналаммыта дьиҥ кыах уонна талаан туоһута, икки бүк өрөгөйдөөх, өр кэмҥэ эҥсиллэр инники сайдыыны кэрэһилиир ситиһии этэ.
«Ньургун Боотур» операны режиссер Василий Местников сүүрбэччэ сыл араас хайысхалаахтык туруоран национальнай опера таһымыгар таһаарбыта, кырдьык, театр эйгэтигэр саҥа саҕалааһын этэ. Онуоха опера сүрүннээн Саха театрын драматическай артыыстарын күүһүнэн туруоруллубутун тоһоҕолоон бэлиэтиир хайаан да наада. Ити сүҥкэннээх ситиһии түмүгэр Василий Васильевич Местников уонна Дмитрий Ходулов «ССРС народнай артыыһа» үрдүк ааты ылбыттара.
Бастакы гастроллар Сэбиэскэй Союзка театр искусствота уһук хоту Саха сиригэр норуот айымньытыттан — олоҥхоттон силис тардан сайдыбытын көрө сөхпүттэрэ. Онон Саха театрын бастакы улахан гастроллара, үөскээбитин курдук, эмиэ олоҥхонон саҕаламмыт эбит.
Иккис «Улахан гастроллар» 1972 сыллаахха, Саха театрыгар Федот Потапов кылаабынай режиссердаан олорор кэмигэр ыытыллыбыттара. ССРС уонна Саха АССР тэриллибиттэрэ 50 сылынан Башкирияҕа уонна Москваҕа «Саха литературатын уонна искусствотын күннэрэ» эмиэ ситиһиилээхтик буолбуттара. Ол күннэргэ Саха театра дьоһуннаах түһүлгэни тэрийбитэ. И.Гоголев «Өлүөнэ сарсыардатын», П.Ойуунускай «Кыһыл Ойуунун», С.Данилов «Сахалар ааттарыттан», С.Омоллоон «Күн күөрэйиэн иннинэ» уонна М.Карим «Ый өлөр түүнүгэр» диэн биэс улахан испэктээкиллэри илдьэн көрдөрбүттэрэ. Саха театра Мустай Карим дойдутугар «Ый өлүүтүн түүлүгэр» испэктээкили башкирдар бэйэлэрин киэнинии истиҥник ылыналларын курдук итэҕэтиилээхтик оонньообуттара. Танкабике оруолун онньообут Александра Иванова уонна Ирина Максимова (Шафак), Мария Канаева (Зубаржат), Илья Находкин (Дивана) ааттарыгар элбэх иһирэх махтал тыллара этиллибиттэрэ.
Иккис гатроллар Саха театра бэйэтин баай историятын кэпсиир кэрэхсэбиллээх айымньылардааҕын сэргэ бырааттыы норуоттар айымньыларыгар уруулуу болҕомто уурарын, кыайа-хото, дириҥник эҥсэн оонньуурун, искусство норуоттар доҕордоһууларын түһүлгэтэ буоларын толору ис хоһоонноохтук көрдөрбүтэ.
Оттон үһүс «Улахан гастроллар» 1985 сыллаахха ыытыллыбыттара уонна Саха театрын 60 сааһыгар анаммыттара. Эдэр режиссер Андрей Борисов салайааччылаах Саха театрын труппата алта испэктээкили Москваҕа илдьэн «Современник» театрга көрдөрбүтэ. Ч.Айтматов «Хаарыан хампа күөх кытылым», П.Ойуунускай « Н.Гоголь «Кэргэн кэпсэтии», С.Курилов «Ханидуо уонна Халерхаа», В.Харысхал «Аммаҕа саас этэ», Ф.Зальтен «Бемби» испэктээкиллэрин киин куорат олохтоохторо, ыалдьыттара уонна театр эйгэтин араас идэлээх дьоно дуоһуйа көрбүттэрэ. Гастрол репертуарыгар саха, нуучча, бырааттыы, тас дойду омуктарын драматургията киирбитэ Саха театра ситэн-хотон кыаҕырбытын, искусство үрдүк таһымыгар тахсыбытын көрдөрөр. Ону Москватааҕы гастроллар үрдүк сыанабыллара толору дакаастаабыта.
Бу гастролга «Хаарыан хампа кытылым» испэктээкил аан бастаан Москваҕа көрдөрүллүбүтэ уонна театр эйгэтигэр улахан соһуйууну, сөҕүүнү-махтайыыны үөскэппитэ, билиниини аҕалбыта. Дьэ, мантан ыла Саха театрын оҥочото эрдиннэх аайы үрдүктэн үрдүк чыпчааллары дабайыыта, албаннаах айана саҕаламмыта. Ол курдук эһиилигэр,1986 сыллаахха, испэктээкил ССРС Государственнай бириэмийэтин ылбыта. Бу Саха театрын аан дойду таһымыгар тахсар аартыгын саҕаланыыта этэ.
Онон быйылгы улахан гастроллар Саха театрын тохсус гастроллара.
This post was published on 17.10.2016 10:01 10:01