Саха театрын артыыстара Ассольлаах Грей тапталларын оонньоон көрдөрдүлэр

Саас кэлэн, айылҕа уhуктан, томороон кыhын кэннэ дьон санаата көтөҕүллэр кэмигэр анаан режиссер Сергей Потапов Саха театрыгар ыам ыйын 20-21 куннэригэр «Таптал долгунугар уйдаран» диэн испэктээк туруорда.


Аҕыйах ыйдааҕыта режиссер Астанаҕа эмиэ Павел Морозов «Ассоль» айымньытынан туруоруутун түөрт күн репетициялаан көрдөрбүтэ. Саха театрын артыыстарын кытта эмиэ оннук курдук тургэн тэтимнээхтик туруордулар. Ол да буоллар, саҥа пьеса да, испэктээк да оскуолаттан билэр сюжеппытыттан ырааппатах. Киhи барыта сиилии көрөр, үөһэ халлааҥҥа дайа сылдьар Ассоль диэн кыыс ыра санаата илэ буолар. Кинини аалай баарыстаах капитан Грей кэргэн ылан, бэйэтин дойдутугар илдьэ барар. Судургу сюжеттаах романтическай пьесаны режиссер комедия элеменнарын киллэрэн биэрэн, быдан интэриэhиргэтэр. Сыанаҕа үс ыскамыайка уонна микрофон тураллар, ол тула артыыстар Каперна дэриэбинэ олоҕун көрдөрөллөр.

Бу сиргэ икки игирэ кыргыттар Лууhа уонна Кириэтэ (оруолларга Лена Маркова уонна Татьяна Легантьева) олороллор. Кинилэр абааhы курдук гримнээхтэр, Стенли Кубрик «Сияние» киинэтин игирэ кыргыттарыгар да майгыннаан ылаллар. Бу кыргыттар кырдьык тапталы билбэккэ эрэ, бастакы көрбүт киhилэрин астына көрөллөр, бэйэлэрэ бэрт судургулар, туох да нарына-намчыта суохтар. Кинилэр бырааттара Хыын (Гаврил Менкяров) өй аҥаардаах, кыыhырдаҕына сүгэтин (эмиэ «Сияниеҕа» Джек Николсон геройун курдук) сулбу таhаарар уолчаан. Ийэлэрэ, огдообо Маайыра Миэннэрис эмиэ истиҥ таптал диэни билбэтэх дьахтар. Ильяна Павлова Маайыраны бэрт бардам, кытаанах героиня быhыытынан көрдөрдө, испэктээк биир чаҕылхай оруола. Саамай типичнай моряктар – арыгы содула быhа сиэбит дьоно – Быыл, Туом уонна Чиэстэр (Альберт Алексеев, Павел Ченянов, Валентин Макаров) кыра дьон өйүн-санаатын бэркэ көрдөрөллөр. Кинилэри кытта трактирга араастык эриллэҥнээн, куорат эр дьонун барыларын кытта пиибэ төлөбүр иhин сылдьар Дьахтар баар.

Бу кирдээх, мэлдьи түбүккэ сылдьар дьон быыстарыгар Ассоль (Айталина Лавернова) аҕатынаан Лаҕырыанныын (Сергей Баланов) оонньуур хараабыллары атыылаан олороллор. Ассоль олус сырдык, итэҕэйимтиэ, бэйэтин ыра санааларынан олорор кыыс. Киниэхэ биирдэ олоҥхоhут-аптаах киhи «аалай баарыстаах уолу кэтэс» диэбитин итэҕэйэ охсон, санаата-оноото ити эрэ буолар. Онтон ол аптаах киhи Ээгэл (Роман Дорофеев) Артур Грей (Айсен Лугинов) диэн атын сиргэ олорор эдэр уолу эмиэ «эн биир күн муоранан устан иhэн, биир кыыһы көрсүөҥ» диэн этэр. Грей, эмиэ Ассоль курдук, биирдэ кэлэр тапталга итэҕэйэр да, быдан кытаанах майгылаах. Лугинов Грейа дьиибэтиҥи соҕус, бу сүүрэ-көтө сылдьан чиккэччи туран баран, баҕа санааҕа ылларыан соп. Ээгэл эппитин бу диэн гыммакка капитан ол кэрэ кыыhы хайаан да буларга сананар. Сүрүннээн, ити курдук, испэктээк кинилэр көрсүhүүлэринэн бутэр.

Геройдар ис санааларын тылларынан эрэ буолбакка, өссө ыллаан этэллэрин курдук режиссер артыыстары микрофон иннигэр туруорар — ити билиҥҥи театрга киэҥник биллэр ньыма. Манна ирландскай пляска да, чэпчэки санаалаах кыыс да, Ассоль кыланыыта да бааллар. Ити наҕыл темпэҕэ эмискэ «драйв» буолан төлө киирэн, испэктээк уйулҕатын уларытар. Ол да буоллар, Ассоль киирдэҕин аайы муора долгуннара бытааннык долгуннараллар. Хас биирдии артыыс геройун итальянскай комедия дель арте артыыстарын курдук бэйэтэ туспа хамсаныылаах-имсэниилээх, саҥалаах-иҥэлээх онорон биэрэр, онон аҥардас итинэн да герой майгытын билиэххэ сөп. Холобур, олоҥхоhут Ээгэл кыыhы көрсөрүгэр аан бастаан ытык мааны кырдьаҕас курдук хааман иhэн, эмискэ илиитэ-атаҕа босхоломмуттуу, эрчимнээхтик хамнанар, мэктиэтигэр, онтон Артур Грейга аhаан-сиэн баран олох даҕаны сүүрэн-тэбэн, «солнышкалаан» ылар.

Сергей Потапов сурун персонажтары — Ассоль кыыhы уонна Артур Грейы аҥардас романтическай геройдар курдук эрэ буолбакка, ханнык баҕарар кэмҥэ баар күүстээх санаалаахтары — дьон санаатыттан самныбат, туохтан да толлубат эдэр дьону көрдөрбүт. Бутэhик көстүүгэ «ыра санааҕытын кэтэhиҥ, кини хайаан да туолуо» диэбиттии сыананан аалай баарыс ааhар.

This post was published on 29.05.2017 15:03 15:03