Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театра 110-с театральнай дьылыгар «Азия оҕолоро» Бүтүн аан дойдутааҕы спортивнай оонньуу аһыллыытынан, үгэс быһыытынан Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын Саха театрын аар саарга аатырдыбыт уонна үбүлүөйдээх театральнай дьылыгар ананан тахсыбыт саҥа испэктээкиллэригэр ыҥырар.
ХААРЫАН ХАМПА КҮӨХ КЫТЫЛЫМ
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театра от ыйын 9 күнүгэр — Чингиз Айтматов сэһэнинэн «Хаарыан хампа күөх кытылым» испэктээкилгэ ыҥырар. Нивх омук үһүйээнин кыргыыс суруйааччыта суруйан саха норуотун театрыгар отуттан тахса сыл олоххо тардыһыы чаҕылхай холобура буолбут испэктээкил бүтүн норуот тыыннаах хаалар дьылҕатын туһунан кэпсиир. Кирис уол аан бастаан булчут буолаары, инникитин норуотун салҕаары муораҕа балыктыы барсар… Дьэ мантан саҕаланар Эриэн ыт тэлэҕэр хаалбыт дойду ахтылҕана, олох туһугар айылҕа күүһүн кытта өлө-тиллэ охсуһуу.
Туруорааччы режиссер Андрей Борисов.
Худуоһунньук – Геннадий Сотников.
Сүрүн оруолларга – Ефим Степанов, Роман Дорофеев, Иннокентий Луковцев, Петр Садовников уонна атын оруолларга театр бары артыыстара кыттыыны ылаллар.
МАНЧААРЫ
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театра от ыйын 10 күнүгэр Саха бөдөҥ судаарыстыбаннай-политическай деятеля, учуонай, суруйааччы, публицист В.В. Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылыгар анаан саха бастакы драматическай айымньытын сүнньүнэн туруоруллубут “МАНЧААРЫ” испиктээкилгэ ыҥырар. Бу драманы В.В. Никифоров-Күлүмнүүр “саха норуота сахалыы тыыны иҥэрэр, сахалыы тылынан сайдыы суолун туһунан пропагандалыыр театрданыахтаахпыт”,- диэн санаанан салайтаран, драманы суруйан туруорбута номнуо сүүс уон сыла туолла.
Чоочо Баай күн судаарга эрэ бэринэр сахалар ыраахтааҕылара буоларын туһугар инитэ 18 саастаах Тэппээк Ойуун ийэ кутун Кыыс Таҥараҕа толук биэриэхтээх баҕата туолбат… Ол ини-биилэр Тэппээк Ойуун икки, Чоочо Баай икки бэйэ-бэйэлэрин кытта өс хааннаах киирсиилэрин толуйар киһинэн – хаан уруу аймахтара Манчаары уол буолар…
Режиссер — Руслан Тараховскай.
Манчаары оруоллларыгар – Павел Ченянов, Валентин Макаров, Василий Борисов. Испиктээкилгэ театр бары артыыстара кыттыыны ылаллар.
ТЭПСИЛЛИБЭТ ҮТҮӨ ААТ
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театра от ыйын 11 күнүгэр — Баһылай Харысхал драматынан «Тэпсиллибэт үтүө аат» испэктээкилгэ ыҥырар. Бу испиктээкил – Андрей Борисов быйылгы Саха театрын 110-с үбүлүөйдэх сылыгар туруорарга былааннаабыт испэктээиллэриттэн бастакылара буолар. Испэктээкил саха норуотун биир чаҕылхай уола, бөдөҥ государственнай-политическай деятеля, Аҕа дойду сэритин кэмигэр норуотун хоргуйан өлүүттэн быыһаабыт, саха норуотун тумус дьонун Кулаковскайы, Неустроевы, Алампаны, Башарины уо.д.а. бөдөҥ суруйааччылары национализм хара балыырыттан босхолообут, Илья Егорович Винокуров сырдык олоҕун, оччотооҕу үйэ балысханнаах, дьалҕааннаах кэмнэрин туһунан кэпсиир.
Туруорааччы режиссер – Андрей Борисов
Худуоһунньук – Михаил Егоров
Илья Винокуров оруолугар — Анатолий Николаев
РЕВИЗОР
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театра Литература сылыгар анаан турбут нуучча улуу суруйааччыта Николай Гоголь аар-саарга аатырбыт «Ревизор» диэн кэмиэдьийэтигэр от ыйын 12 күнүгэр ыҥырар.
Испэктээкил режиссера Эмма Иришева, Андрей Борисов үөрэнээччитэ, Хайалаах Алтай Павел Кучияк аатынан национальнай драматическай театр уус-уран салайааччыта. Бу айымньыны бэйэтин дойдутугар эмиэ туруоран турар. Ол курдук, алтаай тылыгар аан бастаан тылбаастанан улуу кэмиэдьийэ театр репертуарыгар киирбит. Оттон Саха театрыгар Гоголь өлбөт-сүппэт тыыннаах улуу айымньытын аан бастаан 1939 сыллаахха режиссер Кирилл Гоголев туруорбута. «Ревизор» сахалыы саҥа тылбааһы Кирилл Семенов оҥордо.
Тойоттор олохторо-дьаһахтара эмиэ дьиибэлээх-дьээбэлээх эбит, этэргэ дылы тойон үөһэ тойон баара – ордук сонньутар. Киһи барахсан майгыта-сигилитэ, быһыыта-таһаата “көстүбэт күүстэн” тутулуктанар – бу аата кини Былаас туһугар сиэри-майгыны кэһэн, харчы туһугар дьүһүн кубулунан, олоҕун оҥостор эрэйдээх эбит.
Туруорааччы режиссер — Эмма Иришева
Музыканан киэргэтии — Эмма Иришева
Көстүүм уонна сыана киэргэтиитэ – Лена Гоголева
Нууччалыыттан Кирилл Семенов тылбааһа.
Сүрүн оруолларга Куорат Баһылыга – Петр Садовников
Хлестаков – Роман Дорофеев, Павел Ченянов
Ляпкин-Тяпкин – Иннокентий Луковцев
Земляника – Геннадий Турантаев
Шпекин – Ефим Степанов уонна атын оруолларга театр бары артыыстара кытталлар.
ТИЭТЭЙБИТ
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театра от ыйын 13 күнүгэр саха биллиилээх суруйааччыта Николай Неустроев «Тиэтэйбит» комедиятыгар ыҥырар.
Бу кэмиэдьийэни автор 1925 сыллаахха суруйан бүтэрбитэ. «Тиэтэйэн дьону күллэриэҥ» диэн нуучча өһүн хоһооно баарыныы, сүрүн герой ааттыын да Омуннаах Уйбаан ойоҕо өлбүт диэн сураҕы истэн саҥа ойох кэпсэтэрин, ол түмүгэр араас киһи сонньуйуох быһылааннара тахсалларын туһунан сүрдээх омуннаах, күлүүлээх-көрүдьүөстээх, ол быыһыгар курус да түгэннэрдээх оонньууну көрүөххүт.
Оруолларга оонньууллар — Михаил Семенов, Мария Николаева, Роман Дорофеев, Ильяна Павлова, Дмитрий Михайлов, Анна Кузьмина, Елена Сергеева-Румянцева, Жанна Ксенофонтова, Игорь Говоров, Татьяна Легантьева.
ТИИТ
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театра от ыйын 14 күнүгэр Уильям Шекспир «Тит Андроник» трагедиятынан «ТииТ» диэн испэктээкилгэ ыҥырар. Бу эдэр Шекспир биир бастакы айымньыта. Саамай өлөрсүүлээх, хаан тохтуулаах пьесата буолар. Режиссер Сергей Потапов Шекспир бу пьесатыттан кини атын сүдү драмалара «Ромео уонна Джульетта», «Гамлет», «Лир хоруол», «Отелло» төрөөн-үөскээн тахсыбыттар диэн сабаҕалыыр. Биллиилээх Тарантино киинэтин сюжеттара эмиэ манна майгылыыллар диэн этэр.
Былыр былыргыттан, Үрдүк Айыыларга толук биэрэр саҕаттан — киһи-аймах үтүөнү оҥоробун дии саныыра Хара Дьайы, өһү-сааһы, хааннаах иэстэһиини эрэ төрөппүт эбит…
Туруорааччы режиссер – Сергей Потапов
Худуоһунньук – Михаил Егоров
Оруолларга: Иннокентий Луковцев, Ильяна Павлова, Сергей Баланов, Айаал Аммосов, Роман Дорофеев, Петр Садовников, Валентин Макаров, Илья Портнягин, Ирина Михайлова, Елена Румянцева, Игорь Говоров, Геннадий Турантаев, Василий Борисов, Петр Макаров, Петр Баснаев, Иван Попов, Дмитрий Михайлов.
ОЙУУН ТҮҮЛЭ
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театра от ыйын 15 күнүгэр киэһэ 17 чаастан Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуун түүлэ” поэматын сүнньүнэн турбут перформанс-испэктээкилгэ ыҥырар.
Саха литературатын төрүттээччи А.Е.Кулаковскай «Ойуун түүлэ» поэматыгар кэлэр көлүөнэҕэ бөлүһүөк – суруйааччы эрэ курдук буолбакка, Саха норуотун муудараһын саҥа үйэ ыччата матрица куодун курдук өйдүө, сүбэһит оҥостуо диэн суруйан хаалларбыт.
Режиссер кыра эйгэ иһигэр аныгы муусука, тыас-уус көмөтүнэн Саха мифологиятын көрөөччүгэ тиэрдэригэр поэма дьикти формата көмө буолар.
Испиктээкил туоруоруутун «Чолбон» рок-группа тыыннаах музыката, «Эрэл» уонна «Гулун» ансаамбыллар үҥкүүлэрэ киэргэттэллэр.
Туруорааччы режиссер – Руслан Тараховскай
Худуоһунньук – Михаил Егоров
Оруоларга: Александр Борисов, Василий Борисов, Иннокентий Дакаяров, Степанида Борисова уо.д.а.
Бары испэктээкиллэр үлэ күнүгэр киэһэ 6 чаастан саҕаланаллар.
This post was published on 22.06.2016 21:31 21:31