22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха театрыгар аан бастакытын Далан «Чуумпу Бүлүүтүнэн» испэктээк туруоруохтара

12:33, 28 апреля 2023
Текст:
Фото: Виктория Сергеева, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Саха академическай театр сыанатыгар Василий Яковлев-Далан «Тулаайах оҕо» («Чуумпу Бүлүү») романынан испэктээк премьерата буолуоҕа. Театр кылаабынай режиссера Руслан Тараховскай туруоруута, суруйар СИА.

«Тулаайах оҕо» («Чуумпу Бүлүү») — Василий Яковлев-Далан үлэтэ, кини элбэх сыл Бүлүү бассейнын норуоттарын фольклорун чинчийиигэ анаабыта. Бу саха норуотун эрдэтээҥи историятын художественнай киэбинэн сырдатыыга бастакы холонуу буолар.

Айымньы Бүлүү өрүс кытылынан сахалар олохсуйууларын, Уһук Хоту сүөһүнү, сылгыны иитии туһунан былыргы сэһэннэргэ, кэпсээннэргэ олоҕуран суруллар.

«Испэктээги туруорууга театр кэлэктиибэ улахан үлэни ыытта. Туруоруу ааптар Далан 95 сааһыгар ананар. Роман бастакы таһаарыыта 1983 сыллаахха тахсыбыта биллэр, ол кэннэ оруобуна 40 сыл буолан баран, Саха театрыгар туруорабыт», — пресс-конференцияҕа театр дириэктэрэ Петр Макаров эттэ.

Испэктээк Саха театрыгар аан бастаан туруоруллар. Испэктээги оҥорууга биллиилээх худуоһунньук-ювелир Александр Манжурьев үлэлээтэ.

«Репетициялар сыл саҕаланыаҕыттан тэриллибиттэрэ. Ити эрээри «Чуумпу Бүлүүнэн» испэктээк туруоруутун туһунан кэпсэтии саҕаламмыта ыраатта. Ол туолла. Биһиги өр кэмҥэ бу туруорууга «күлүүһү булбакка» сылдьыбыппыт, оттон худуоһунньук-ювелир Александр Манжурьев көмөтүнэн, персонажтар уобарастарынан интэриэһинэй идеялар көстөн барбыттара. Ол кэннэ көхтөөх үлэ саҕаламмыта», — диэтэ режиссер Руслан Тараховскай.

Премьералар Саха театрын кылаабынай сыанатыгар муус устар 27 — 30 күннэригэр буолаллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА