22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха театра Улуу Кыайыы күнүн көрсө «Сарсыарда. Уу чуумпуга...» испэктээги премьералаата

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйын 7, 8, 9 күннэригэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар Борис Васильев «А зори здесь тихие…» аатырбыт сэһэнинэн «Сарсыарда. Уу чуумпуга…» диэн Улуу Кыайыы 77 сылыгар анаммыт испэктээк премьерата буолла.

Кыайыы күнүн үгэс быһыытынан Саха театра саҥа туруорууларынан көрсөөччү. Ол театр Кыайыыны уһансыбыт, сэрии хонуутугар охтубут буойуннарга уонна биир дойдулаахтарыгар сүгүрүйүүтүн уонна ытыктабылын бэлиэтэ буолар.

Саха театра сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии кэмин оҕолоругар бэлэх кэриэтэ анаабыт истиҥ-иһирэх испэктээктэри мэлдьи долгуйа, сөбүлүү көрөөччүлэр. Кэнники кэмҥэ, хамсык ыарыы хааччаҕын иннинэ, С.Баранова, Л.Тимофеева, Р.Тараховскай «Сэрии туһунан трилогия», М.Варбут «Саллаат суруктара», Д.Наумов «Сандаарар сарыал саллааттара» диэн испэктээктэр ситиһиилээхтик турбуттара.

Быйыл даҕаны, ыам ыйын 8 күнүгэр, Дьокуускай куорат бэтэрээннэригэр аналлаах босхо аахсыйа ыытылынна. «Бу Саха театра ытык өйдөбүллэри харыстыыр уонна кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэр ытык иэһэ буолар», – диэн П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын дириэктэрин солбуйааччы Анатолий Николаев сааланы биир гына тоҕу анньан кэлбит аҕам саастаахтарга туһаайан бэлиэтээтэ.

Сонун премьераны Андрей Борисов үөрэнээччитэ,П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа, режиссерРоман Дорофеев туруорда.Эдэр режиссер испэктээкилгэ саҥа ньымалары киллэрбитэ сонун уонна сатабыллаахкөстүүнэн буолла.Эксперимент быһыытынан испэктээкили сахалыы, нууччалыы саҥардыбыта ураты эйгэни үөскэттэ.

Старшина Васков оруолун АГИКИ устудьуона, нуучча уола Роман Макаров толордо. Режиссер толкуйунан хорсун байыастар Маргарита Осянина (Ньургуйаана Шадрина), Женя Комелькова (Ильяна Павлова), Галя Четвертак (Лена Маркова), Соня Гурвич (Айталина Лавернова) уоннаЛиза Бричкина (Айталина Цыпандина) уобарастара саха кыргыттарынан бэриллибитэ испэктээкил ис хоһоонун көрөөччүгэ чугаһатар, хайдах эрэ оччотооҕубириэмэөр кэмҥэ биллибэккэ сылдьыбыт кырдьыгын арыйбыт курдук дьиҥнээхтик ылыныллар.

Испэктээкил сценарийын оҥорбут уонна тылбаастаабыт П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыhаПавел Ченянов көрүүтэ режиссер толкуйун кытта бэркэ дьүөрэлэһэн, оонньуу киэбэ сиһилии ситимнээх майгыланна. Маныахасценография, уот-күөс, муусукатабыгастаахтык аттарыллан, оонньууну ситэрэн-хоторон биэрэр соругун туруорааччылар кыайа туппуттара, биир курдук, ылыннарыылаах хартыынаны үөскэтэр, иккис курдук, биир сыанаҕа хас да миэстэни тэҥинэн ойуулуурга кыах биэрэр.

Кута – испэктээкил саамай кутталлаах сирэсыана ортотунан киһи кутун-сүрүн курдары оборон ылыах ынырыктанан көстөр. Ити кута тула сарсыарда, уу чуумпуга эмискэ кырыктаах ытыалаһыы уотугар биэс эдэр кыыс тыына былдьанар. Оттон «Мы – дети страшных лет России – Забыт не в силах ничего», – диэн поэтесса Гиппиус эппит тыллара испэктээкилгэ ааҕыллыбыттара быйылгы Кыайыы бырааһынньыгын сүрүн санаатын курдук иһиллиннэ.

Эйэлээх олох, Кыайыы иһин сырдык тыыннарын толук уурбут, олоҕу ситэ олорботох сүүрбэччэлээх эрэ кыргыттар санардыы ситэн эрэр хахыйах уобараһа буоланнар хоҥкуһан хаалаллар. Арай кинилэр кэриэстэрэ, киһи-аймах өйүгэр өлбөт-сүппэтааттара Кыйыыны аҕалсыбыт кыһыл лиэнтэлэр буолан, билиҥҥэ диэри тэлибирии кытыасталлар…

Испэктээкил бүтүүтэ артыыстар нохтолоох срэхтэриттэн Кыайыыны аҕалбыттарга анаабыт бокулуоннара көрөөччүлэри долгутан, сүһүөхтэригэр туруоран, саала иһэ өргө диэри олох иһин махтаныы, сүгүрүйүү ытыһын тыаһынан доҕуһуолланна.

Ааптар: Надежда Осипова, П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын литературнай чааhын үлэһитэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар