Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театра муус устар 13 күнүгэр Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгэр ыалдьыттаата. Бу күн олохтоохтор кинилэр биир дойдулаахтара, СӨ народнай артыыската Мария Варламованы сценаҕа көрөн астыннылар уонна биир дойдулаахтарынан киэн тутуннулар.
Ол курдук, Саха театра бу күн «Оҕо сүрэҕэ – тааска» испэктээкили ситиһиилээхтик туруорда. Саала иһигэр баппат киһи кэлбититтэн артыыстар олус астыннылар. «Оҕо сүрэҕэ – тааска» испэктээкили СӨ үтүөлээх артыыһа Михаил Апросимов пьесатыгар олоҕуран, театр кылаабынай режиссера Руслан Тараховскай туруорда. Дьокуускай олохтоохторо өссө көрө илик испэктээкиллэригэр сүрүн оруолга Мария Варламова оонньоото. Атын уобарастары Михаил Апросимов, Кирилл Семенов, Куприян Михайлов, Домна Уйугурова, Татьяна Легантьева, Василий Борисов, Дмитрий Татаринов, Прокопий Данилов, Альберт Алексеев, Семен Алексеев уо.д.а. арыйдылар.
Артыыстар сарсыныгар Мария Варламова биир дойдулаахтара, САССР норуодунай суруйааччылара Семен уонна Софрон Даниловтар, ССРС Худуоһунньуктарын академиятын академига, худуоһунньук Афанасий Осипов музейыгар сырыттылар. Киэһэ Бэрдьигэстээх олохтоохторугар саҥа испэктээкили көрдөрдүлэр.
Испэктээкил кэнниттэн Бэрдьигэстээх народнай театрын режиссера Елизавета Мартынова: «Наһаа наадалаах испэктээкили туруорбуккут. Мария Ивановнаҕа чахчы үчүгэй бэлэх оҥоһуллубут. Ааптарга, режиссерга уонна тапталлаах артыыстарбытыгар, ол иһигэр биир дойдулаахпытыгар Прокопий Даниловка, барҕа махталбытын этэбит уонна айымньылаах үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабыт. Саҥа испэктээкил театр репертуарыгар киллэриллэн, көрөөччүлэрин үөрдэ туруон баҕарабыт», – диэн айар кэлэктиибин аатыттан махталын тириэртэ.
Көрөөччүлэр: «Дириҥ ис хоһоонноох, киһини толкуйдатар трагическай кэмиэдийэни көрөн долгуйдубут. Бэл, оҕолорбут иһийэн, чуумпуран олорон көрдүлэр. Көрбөтөх дьон элбэҕи сүтэрдигит», – диэн санааларын үллэһиннилэр.
This post was published on 15.04.2016 11:32 11:32