Өбүгэ саҕаттан хас биирдии норуокка сүктэр кыыс, дьахтар таҥаһыгар ураты болҕомто ууруллара. Манна былыр аатттах иистэңньэңнэр туох баар сатабылларын киллэрэн иистэнэллэрэ. Бу баай култуура умнууга хаалбатын туһугар историктар уонна норуот маастардара билиңңи кэмҥэ үлэлэһэллэр. Олортон биирдэстэрэ Петрова Светлана Ивановна, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ РФ Хотугу норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институт доцена, история наукатын кандидата, «Уран Иис» маастарыстыба үрдүкү оскуолатын салайааччыта, СӨ Үөрэҕириитин уонна Култууратын туйгуна, саха төрүт култууратын чинчийээччи СИА-ҕа бу хайысхаҕа туох үлэ барарын, сахалар уруу тэринэр култуураларын туһунан кэпсээтэ.
Түмсүү тэриллиитэ
«Сунтаар ситимэ» маастардар түмсүүлэрэ 2010 сылаахха тэриллибитэ, салайааччы Антонина Степановна Кириллина, мин үөрэнээччим, бэйэтэ тыа хаһаайыстыбатын специалиһа уонна биһиги университеппыт культурология салаатын бүтэрбитэ. Кини миэхэ Сунтаарга саха таҥаһын түмсүүтүн тэрийиэххэ диэн этии киллэрбитэ, ону сөбүлэһэн «нэһилиэктэртэн иистэниэн баҕалаах дьону булаттаа» диэбитим, онтон ыла кыра кыралаан түмсүүбүт үлэтин саҕалаабыта.Түмсүүгэ маастардар Дьаархан, Түбэ-Дьаархан, Тойбохой, Илимниир, Сиэйэ уонна Сунтаар бэйэтиттэн сылдьаллар.
Бары ииистэнии култууратын баһылаатылар диэххэ сөп. Уруккуттан да үчүгэйдик тигэллэр этэ уонна оттон иистэңньэңнэр ким тириини таңастыыр, ким быысапкалыыр, оҕуруонан тигэр, түүлээххэ үлэлиир буолан бэйэ бэйэлэриттэн үөрэнэллэр буоллаҕа. Любовь Мелентьевна Прокопьева диэн уопуттаах иистэнньэҥ кырыйарга үөрэтэр. Салайааччылара Антонина Кириллинэ түмсүү тэрээһинигэр болҕомто ордук уурар, мин наука өттүттэн консультация биэрэбин, иис былыргы култууратын билиһиннэрэбин. Инньэ гынан, түмсүү олус таһаарыылаахтык үлэлээтэ. Кинилэр 2010 сылга бастаан халаадаайы уонна кэһиэччиги былыргылыы моһуоннаан тиктибиттэрэ.
2011 сыллаахтан сахалыы мандардаах сон, сунтаардыы чопчуурдаах бэргэһэ, үтүлүк уонна умнулла быһыытыйбыт өттүк симэҕин сон тиктиң диэн буолбута. Сунтаар улууһун музейдарыгар сүрдээх элбэх сахалыы ураты мандардаах дьабака бэргэһэ чопчуурдара сыталлар. Бу матырыйаалларга уонна былыргы хаартыскаларга олоҕуран биһиги Сунтаар мааны таҥаһа диэн таһаарбыппыт. Билигин ити таңаһы өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ бары тиктэн эрэллэр. Онтон бэрэстээҥки үтүлүктээх, курдаах, хаппардаах, кыалыктаах оноолоох сон диэни тиктибиттэрэ, эмиэ сахалыы Тойбохой музейын экспонатыттан холобур оҥостон.
Сүктэр кыыс таҥаһын үйэтитии
Онтон 2012 сыллаахха 19 үйэҕэ олорбут Сунтаар улууһугар сүктүбүт баай кыыс туһунан кэпсээбитим уонна бу кэми көрдөрөр гына, сүктэр кыыс уонна кэргэн кэпсэтэр уол таҥаһын тигиэххэ диэн этии киллэрбитим. Онно түмсүү кыттыылаахтара, бары этиибин өйөөбүттэрэ. Тута саба түһэн, кыыс сонуттан саҕалаан, халадаайын, сыалдьатын, сутуруотун, этэрбэһин барытын тигэн саҕалаабыттара. Бастаан мааны, иһэ түүлээх, куллукулаах уонна уһун тыс этэрбэстэри бүтэрбиттэрэ, онтон туох баар истаңаһа, тас мааны уонна тымныыга кэтэр хаттык таңастара барыта тигилиннэ. Кыыс таҥаһа эрдэ бүппүтэ. Онтон уол таңаһын барытын тикпиттэрэ. Моойторугар, бэлэпчитигэр тиийэ. Манна биллэн турар матырыйаал көрдөөһүнүгэр элбэх ыарахаттары көрбүттэрэ. Ньирэй, таба, убаһа, саһыл, тииң тириилэрин, тыстарын, тииң кутуругун булан бэйэлэрэ таңастаан тикпиттэрэ. Үксэ илиинэн иис — быысапка, оҕуруонан тигии. Сыралаах сылбалаах үлэ буолар.
Бу сүктэр кыыс уонна сүгүннэрэр уол таҥастарын бырайыага 2022 сыллаахха барыта бүттэ диэххэ сөп. Ол эрээри үлэ салҕанар, билигин 17-18 үйэ таҥастарын тигэр сорук турар.
Норуот маастара
Эр киһи уонна дьахтар сахалыы таҥастара сүрдээх элбэх: ис таҥаһыттан саҕалаан, тас саҕынньаҕар тиийэ. Бүтэһигэр кыыс айанныырыгар эбэһээт саҕынньахтаах буолуохтаах диэн, кини саҕынньаҕын тигэргэ быһаарыммыппыт уонна улуус култуурата уонна саламтата өйөөн граҥҥа киирсэн, 200 тыһыынча солкуобайы ылбыппыт. Бу харчыга биһиги 24 саһылы, матырыйаалын, оҕуруотун атыылаһаммыт саҕынньахпытын тикпиппит. Саһыл тыһа кулгааҕа, тириитэ олоччу туһаҕа таҕыста. Тыһын бэргэһэтигэр уонна чопчууругар ыыттылар уонна үтүлүгэр онтон кулгааҕа киэргэл курдук кини саҕатыгар уонна дьабакыга киирдэ. Маны тэҥэ, былыр хотойдоох сон диэн баар, онон өссө эбэн кэннигэр ситэрэн хотойдоон биэрбиппит. Сунтаар ситимнэрэ билигин бары улуус норуотун маастара, СР Уус уран оҥоһуктарын уонна бастыҥтан бастыҥнара СӨ Норуотун маастарын аатын сүктүлэр. Саамай талааннаах иистэнньэҥи Тамара Афанасьевна Игнатьеваны 2020 сыллааха быйыл Арассыыйа норуотун маастарыгар түһэрбитим, билигин кини удостоверениятын ылла. Саха сиригэр билиҥҥи туругунан 5 Арассыыйа норуотун маастардара бааллар, кини олортон биирдэстэрэ буолла.
Дьэ ол иһин «Сунтаар ситимнэрин» 10 сыллаах маанылаах, үгүс үтүмэн айар үлэлэрин түмүгүн дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөр сыаллаах быыстапка тэрийдибит. Бу тэрээһини Александра Николаевна Прокопьева салайар саңа «Өбүгэ суола» диэн научнай — просветительскай түмсүү, ХИФУ археология уонна этнография музейа (дир. Л.Л. Алексеева), СӨ худуоһунньуктарын союһа уонна «Уран иис» түмсүү тэрийэн ыыттыбыт. Быыстапкабытын «Сүктүү» диэн ааттаатыбыт, тоҕо диэтэргин, билигин билиңңи кэмңэ саха уруутун, сүктүүтүн култуурата умнууга хаалла, уруу барыта европейскай култууранан тэриллэр. Дьиҥэ, саха уруута бу саха култууратын чыпчаалын көрдөрөр биир сүрүн тэрээһин буоллаҕа. Сүктүү хас даҕаны түһүмэхтээх. Саха уруута элбэх учуонайдарынан чинчийиллэн турар.
Кэргэн кэпсэтии
Олортон дьиэ кэргэн сиэрин туомун үөрэппит учуонай, мин бииргэ өр сылга алтыспыт, үлэлээбит коллегам П.А.Слепцов чинчийиитигэр, кини үлэлэригэр олоҕуран, быыстапка экспозициятын 4 түһүмэххэ араардыбыт:
— кэргэн кэпсэтии (манна эр киһи, кыыс дьонугар кэргэн кэпсэтэ барар таңастара, илии охсуһар маллара киирдилэр);
-күтүөттээһин, кыыс дьиэтигэр уруу (түңүрүттэр, хотоҕойдор таҥастара, ат киэргэлэ);
— кыыс сүктүүтэ, улахан уруу (уоллаах кыыс мааны таңастара, «харамньы ат» маанылаах киэргэлэ, сүктэр кыыс үрүң көмүс киэргэллэрэ, кыыс утуйар таңаһа)
— уонна «төркүттүү», кэргэннээх дьахтар таңастара, оҕо оннугар бэриллэр бэлэх (ат киэргэлэ)
Биллэн туран, үлэбитин этнографическай матырйаалларга олоҕуран оҥордубут. Ол курдук выставка5а гуманиьарнай чинчийэр институт архивыттан 19 үйэ бүтүүтүнээҕи сүктүү хаартыскалары улаатыннаран уурдубут. Ол курдук Э.К.Пекарскай түһэрбит хаартыската бол5омтону ылар.
Ричард Карлович Маак «Вилюйский округ Якутской области» диэн кинигэтигэр кини былыргы баай дьахтар таҥаһын көрбүтүн туһунан суруйар, ону атыылаһа сатаабытын бэлиэтиир. Бу таҥаһы кини уруһуйдаан хаалларбыта баар, ол уруһуйун биһиги туһанныбыт. Бу Сунтаадар кэтэ сылдьыбыт таҥалай сонннорун уруһуйа, уратыта диэн таҥастан тигиллибит. Маны таһынан, быыстапкаҕа кэнники саха -французскай экспедицияттан былыргы киэргэллэр-симэхтэр, Тойбохой кыраайы үөрэтэр музейыттан былыргы чопчуур, кыалык, киэргэллэр, манньыаттар, харчылар Ити былыргы маллар «Сүктүү» быыстапка экспозициятын тематын толору аһар дии саныыбын.
Аар саарга аатырбыт хаҥ дьабака бэргэһэ
Сунтаар эҥэр тигиллибит дьабакы бэргэһэлэр чопчуурдара киин уонна илин эҥэрдэртэн быдан кэтит буолар эбит. Сорох чопчуур кэтитэ 17 см тиийэ кэтит буолар. Ол иһин Сунтаардар дьабакалара намыһах буолар. 1892-1894 сылларга Сунтаар улууһугар баһылыктаан олорбут Арыҥах баай — Попов Егор Николаевич кэргэнэ — Угаар Кулуба — Попов Уар Яковлевич кыыһа Попова Мария Уаровналыын дьиэ кэргэттэринээн түспүт хаартыскалара баар. Маарыйа 16 саастааҕар бэйэтиттэн 32 сыл а5а киһиэхэ ойох тахсар. Ол хаартыскаҕа көстөр дьабака быһыытын көрөн сирдэппиппит. Сунтаар улууһун дьабаката намыһах уонна сыҥааҕынан бааллар буолар эбит диэн түмүккэ кэлбиппит.
Хааһах хостооһуна
Сунтаарга сүктүү туһунан суруйууларга хааһах хостооһунун сиэрин-туомун ойуулааһына баар. Маныаха, кийиит эрэ барыта ити туому толорбот эбит. Бу хааһахха (сундуукка) кыыс таңаһа барыта тоҕустуу буолуохтаах. Ол аата — 9 истээх сон, 9 халтан сон, 9 былаат, 9 үтүлүк, 9 этэрбэс о. д. а. Сунтаарга былыр Хаҥалас нэһилиэгиттэн Киргиэлэй Ылдьыыска сүктэн кэлбит баай кыыс хааһаҕын хостооһунун туомун сөҕөн-махтайан суруйаллар. Манна «хааһахтан» хаа хостуурга анаммыт икки үтүө-мааны дьахтар сылайаннар охто сыспыттар үһү, уурбут таңастара балаҕан өһүөтүгэр тиийбит үһү» диэн суруйуу баар. Итинник сиэр туом саамай баай кийиит уруутугар оңоһуллар эбит, «түһүмэллээх уруу» диэҥҥэ. Ону ылбычча баай киһитэ оңорбот.
Эмиэ Сунтаар улууһугар кийиит кыыс аан бастаан кэргэнин дьиэтигэр киирэригэр кыра дьааһыкка кийиит эргэ сыалдьатын уган киллэрэр туом эмиэ баар эбит. Ити кийиити кытта кэлсибит куһаҕан тыыннар халбарыйдыннар диэн кинилэр үргүтэр сиэр- туом. Өссө онно кийиит эдьиийэ кыбыстан дьааһык аанын сабан кээспит үһү диэн баар баар. Ити көстүүлэр выставка экспозициятыгар көрдөрүлүннүлэр.
Сүктэр кыыс таҥаһа ыһыахха кэтиллэр таҥастан туох уратылааҕый
Уратыта суох. Ыһыахха былыр халадаай, кэһиэччик, оноолоох уонна мандардаах сон кэтэллэрин туһунан суруйуулар элбэхтэр, баай өттө сайын даҕаны дьабакы бэргэһэ, түүлээх сон кэтэллэр эбит. Сүктэр кыыс үс ырбаахылаах буолуохтаах: борустуой, халадаай, мааны. Былыргы айанньыттар суруйалларынан урут таҥаһынан киэптээһин наһаа баар эбит, нууччалыы эттэххэ «щеголять», бу өйдөбүл киэҥник тарҕаммыт. Архив матырыйаалларыгар, айанньыт дьон суруйууларыгар «якуты любят щеголять своими нарядами» диэн элбэхтик суруллар.
Сүктэр кыыс таҥаһын киэргэлэ
Былыр былыргыттан баай-талым оһуордаах-мандардаах, араас эгэлгэ түүлээхтэн тигиллибит, оҥуруо, көмүс киэргэллээх таҥастар урукку дьон баайдарын — дуоллларын көрдөрүүлэрин биир сүрүн бэлиэлэринэн буолар. Дэлэҥэ да оҕуруота, көмүс киэргэлэ суох таҥаһы «иччитэ суох таҥас» диэхтэрэ да. Аны кыыс дьахтар таҥаһа эрэ оҕуруоламмат, эр киһи сыалдьата, сутуруота, этэрбэһэ, тас таңастара эмиэ оҕуруоланар эбит. Ол туһунан археология матырыйааллара туоһулууллар.
Биллэн турар, киэргэлэ элбэх буолуохтаах. Элбэх үрүң көмүһүнэн, оҕуруонан киэргэтэллэр. Дьабакы бэргэһэни саамай баайдар көмүс сабынан киэргэтэллэр, орто баайдар — оҕуруонан, дьадаҥылар — саахымат кыбытыылаах уонна өңнөөх сабынан. Оттон сүктэр сирэйин сабыыта (аннах) эмиэ оннук, баай кыыһа киис, бэдэр аннахтаах, орто баай убаһа тириитэ, дьадьаңы киэнэ сиэл да, ынах да буолуон сөп. Аннах иһэ түүтэ суох буоллаҕына эмиэ иччитэ суох дииллэр эбит.
Онон бу М.К.Аммосов аттынан ХИФУ археология уонна этнография музейыгар Сунтаар улууһун «Сунтаар ситимэ» иистэнньэҥнэрин «Сүктүү» быыстапка кинилэр 10 сыллаах сыралаах үлэлэрин түмүгэ буолар. Хомойуох иһин, элбэх киһи бу үлэ дьиҥ кылаатын уонна ис хоһоонун өйдөөбөт. Манна биһиги урукку матырыйааллары хомуйан, музейдары кэрийэн, араас докумуону, хаартысканы булан, дьиҥ сахалыы былыргылыы таҥаһы сөргүттүбүт. Билигин өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн саха тылын сөргүтүү бара турар. Оттон бу быыстапкаҕа кэлбит киһи, аңардас туруоруллубут үлэлэри эрэ көрбөккө, былыргы уруу умнуллан хаалбыт терминнэрин кытта билсиэн сөп. Ол курдук, быыстапкаҕа кэлбит нуучча да, саха да тыллаах көрөөччүгэ өйдөнүмтүө тылынан суруллан туруорулунна. Маннык үлэни ханнык да түмсүү биир сылынан бүтэрбэт. Кэлин бу биһиги маастардарбыт оҥорбут үлэлэринэн кэнэҕэс ыччат туһаныаҕа, үлэлэр Сунтаар улууһун музейдарыгар өр үйэлэргэ хараллыыга бэриллибиттэрэ. Онон бу сүңкэн үлэни толорбут иистэңньэңнэр үлэлэрэ, кинилэр ааттара үйэтитиллэр ини, диэн Светлана Ивановна кэпсэтиини түмүктээтэ.
This post was published on 10.03.2023 15:01 15:01