Саха суруналыыстыкатын саарына Дмитрий Кустуров күн сириттэн барда

Саха суруналыыстыкатын саарына, суруналыыс аймах ытыктабыллаах бэтэрээммит, хас эмэ көлүөнэ хаһыатчыттар, бэчээт үлэһиттэрэ сыаналыыр, сүгүрүйэр киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан итиэннэ Суруналыыстыкаҕа Судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреаттара, ССРС, СӨ бэчээтин туйгуна, Томпо, Таатта улуустарын бочуоттаах гражданина Дмитрий Васильевич Кустуров орто дойдуттан букатыннаахтык барда.

Ытык киһибит сэтинньи 8 күнүгэр 95 сааһын туолбута.

Олоҕун олуктара

1929 с. сэтинньи 8 к. Кириэс Халдьаайы сэл. (III Байаҕантай) Томпо улууһугар төрөөбүтэ.

1937-1944 сс. Кириэс-Халдьаайы 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитэ.

1948 с. Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрбитэ.

1956 с. М.В.Ломоносов аатынан МГУ журналистика салаатын бүтэрбитэ.

Үөрэҕин бүтэрэн баран Дьокускайдааҕы кинигэ издательствотыгар билим литэрэтиирэтин эрэдээктэринэн, СО АН СССР Дьокуускайдааҕы филиалыгар, А.С.Пушкин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи библиэтиэкэ учуонай сэкирэтээринэн, «Саха сирэ» хаһыат анал кэрэспэндьиэнинэн үлэлээбитэ.

This post was published on 09.11.2024 13:57 13:57