Саха сириттэн сылдьар дьиэ кэргэн Амур уобалаһыгар суол саахалыгар түбэстэ

Саха сириттэн сылдьар дьиэ кэргэн, Владивостоктан кэлэн иһэн Амур уобалаһын Свободненскай оройуонугар «Амур» федеральнай автомобильнай суол 1375-һис километрыгар саахалга түбэстэ. Быһылаан түмүгэр 41 саастаах дьахтар уонна 8 саастаах оҕо өллө, диэн РФ СК Приамурье пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Ыал аҕа баһылыга иннигэр айаннаан иһэр массыынаны ситээри утары айаннаах суол балаһатыгар тахсыбыт, уонна утары испит БЦМ-59 самосвал массыынатын кытары харсыбыт, ол түмүгэр улахан массыына суол кытыытыгар аллараа умса барбыт.  Оттон дьиэ кэргэннэх легковой массыына суол  күрүө хаһаатыгар  уонна айаннаан испит Урал массыынаҕа баран түспүт», — диэн биэдэмистибэ биллэриитигэр ыйбыт.

Легковой массыына иннитигэр олорбут суоппар кэргэнэ тута быһылаан тахсыбыт сиригэр өлбүтэ бэлиэтэнэр. Эр киһи бэйэтин, ону тэҥэ кэлин сидиэнньэҕэ олорбут  8 уонна 14 саастаах икки оҕотун балыыһаҕа илдьибиттэр. Кыра оҕо балыыһаҕа өлбүт.

This post was published on 08.08.2022 15:01 15:01