Россия оборуонаҕа министиэристибэтин кытта хантараагы Саха сиригэр түһэрсибиттэр бастакы сылларыгар 4 мөл солк диэри хамнас ылыахтарын сөп. Үлэтинэн олорор сир, чэпчэтиилээх ипотека, үрдүк үөрэх кыһаларыгар оҕолоро босхо үөрэнэллэр, төлөбүрдэр, мэктилэр. Ол туһунан сэтинньи 26 күнүгэр брифиҥҥэ хантараагынан байыаннай сулууспаҕа талыы пуунун инструктора, сержант Станислав Пермяков эттэ.
«Күн аайы байыаннай сулууспаҕа барыан баҕалаахтар пууҥҥа кэлэ тураллар, элбэхтэр. Россия эрэ гражданнара буолбатах, тас омук дойдуларыттан эмиэ бааллар. Кинилэр этэллэринэн, дойдуга таптал, кини көмүскэлигэр турунуу Россия сэбилэниилээх күүстэрин эрээттэригэр киирэр баҕа санааны үөскэтэр. Билигин тиһиликтээх техникаҕа механик-суоппардар, артиллерия уонна тааҥка чаастарыгар доводчиктар, сибээс исписэлиистэрэ наадалар», – диэтэ Пермяков.
Сержант эппитинэн, омук киһитэ биир сылтан элбэххэ хантараак баттастаҕына Россия гражданина буолар быраабын ылыыта судургутуйар.
This post was published on 27.11.2024 12:00 12:00