Саха сириттэн Лондоҥҥа атынан айанныахтара

Саха уола Дугуйдан Винокуров уонна британец Никита Греци Лондоҥҥа атынан айанныахтара. Уолаттар айаҥҥа Өймөкөөн Үчүгэйиттэн турунуохтара. Туманнаах Альбиоҥҥа айанньыттар икки сылынан тиийэр былааннаахтар.  


Хоодуоттар тустарынан биэрии сотору НВК «Саха» ханаалыгар тахсыа. Билигин устар бөлөх Үчүгэй нэһилиэгэр үлэлиир.

Эрдэ Никита Греци Лондоҥҥа Магадантан тиийэр санаалааҕын туһунан этиллэрэ. Бастаан Магадантан Дьокуускайга, онтон Байкал, Иркутск, Алтай хайысханан. Британец хаһан баҕарар айанын хайысхатын уларытыан сөбүн этэрэ. Греци ордук массыына сылдьыбат сиринэн айанныырын сэҥээрэр.

This post was published on 16.12.2020 13:02 13:02