Саха сириттэн элбэх оҕолоох ийэлэр “Бэс чагда” санаторийга кэллилэр

Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын көҕүлээһининэн чэбдигирдии бырагырааматын чэрчитинэн Саха сириттэн элбэх оҕолоох 68 ийэ “Бэс чагда” санаторийга сынньана кэллэ. Санаторийга кинилэри өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев уонна Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Юрий Куприянов көрүстүлэр.

36 саастаах Ольга Аргунова 11 оҕолоох, бу дьиэ кэргэн Уус Алдаҥҥа улахан хаһаайыстыбалаах. Ефросиния Винокурова (Таатта) уон оҕолоох.

Амматтан элбэх оҕолоох ийэлэр халыҥ дэлэгээссийэлэрэ кэллэ.

Үгүс дьахталлар “Күн күбэй Ийэ”, “Дьоруой ийэ” уо.д.а. наҕараадалаахтар.

СИА.

This post was published on 08.06.2018 15:20 15:20