Саха сириттэн биэс бырайыак «Среда возможностей» грант куонкуруһугар кыайда

Тимченко пуондата биллэрбит “Среда возможностей” диэн грант куонкуруһугар Саха сириттэн биэс бырайыак кыайыыны ситистэ диэн НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.

Ол курдук, Уус Алдантан “Бороҕонноҕу оҕо эбии үөрэҕин киинигэр рекреационнай сири оҥоруу”, Горнай Атамайыттан “Сэлиэнньэ – оҕолорго, оҕолор — сэлиэнньэҕэ”, Горнайтан Өрт орто оскуолатын «Медиацентр – путь к развитию», Мэҥэ Хаҥалас Чыамайыкытыттан «Саха Kids» театр-студия, Мэҥэ Хаҥалас Баатаратыттан Агролаборатория «РОСТ» бырайыактар кыайбыттар.

Арассыыйа үрдүнэн граны 74 бырайыак, Уһук Илинтэн 12 бырайыак кыайда.

Куонкурус уопсай бүддьүөтэ – 51,3 мөл. солк.

This post was published on 03.11.2023 10:36 10:36