516 киһи, ол иһигэр 370 спортсмен, «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандаларын састаабыгар киирдэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Спиридонов иһитиннэрдэ.
«Бу кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн эһиил бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7- гэр диэри буолар «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии барар. Биһиги 516 киһи, ол иһигэр 370 спортсмен, 121 тренер уонна 25 атын исписэлиистэр бу тэрээһиҥҥэ кытталларын бигэргэттибит.
Саха спортсменнара оонньууларга бэлэмнэнээри Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук уонна Арассыыйа таһымнаах спорт 24 көрүҥэр 150 эрчиллэр күрэхтэһиилэргэ кытыннылар. Биһиги оҕолорбут региоҥҥа 268 мэтээли аҕаллылар. Өрөспүүбүлүкэ иһигэр үөрэтэр-эрчийэр түмсүүлэр уонна көһө сылдьар тэрээһиннэр ыытыллаллар», — диэн миниистир кэпсээтэ.
This post was published on 11.10.2023 15:01 15:01