Саха сириттэн анал байыаннай дьайыыга ыытарга 20-тэн тахса техника бэлэмнэнэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Техниканы анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр навигация арылынна да ыытыахтара. Ол туһунан ыам ыйын 30 күнүгэр «Вместе к Победе» хамыыһыйа өрөспүүбүлүкэтээҕи штабын салайааччыта Георгий Куркутов эттэ.

Георгий Куркутов СВО байыастарыгар гуманитарнай көмөнү тутар пууннар тохтобула суох үлэлииллэрин эттэ.

Хомууру волонтер бөдөҥ тэрилтэлэр ыыталлар: «Якутия с тобой», «Боевые шелкопряды», «Добровольцы Якутии», «Внуки Победителей». Бэрэстэбиитэллэрэ хас биирдии нэһилинньэлээх пууҥҥа бааллар, ол иһигэр ыраах сытар оройуоттарга.

Маны сэргэ Курскай уобалас олохтоохторугар көмө хомуллар, «Юбилейный маршрут добра» аахсыйа чэрчитинэн, «Аям Транссервис» хампаанньа 20 сыллаах үбүлүөйүнэн тэрийбит көҕүлээһинэ буолар.

This post was published on 30.05.2025 17:01 17:01