Рио-де-Жанейроҕа буолар Олимпиадаҕа Саха сириттэн барыта 8 спортсмен кыттар. Итинтэн 4 спортсмен сүрүн бырагыраамаҕа, 4 — паралимпийскайга. Ити туһунан спорт миниистирин бастакы солбуйааччы Георгий Балакшин эттэ.
Сүүрүүк Сардана Трофимова, боксер Василий Егоров, тустууктар Виктор Лебедев уонна Айаал Лазарев Олимпиада мэтээлин иһин киирсиэхтэрэ. Лазарев Кыргызстан сүүмэрдэммит хамаандатыттан кыттар. Лондоҥҥа ыытыллыбыт Оонньууларга үрүҥ көмүс мэтээли ылбыт Евгения Колодко быйылгы Олимпиадаҕа кыттыбат.
Паралимпийскай бырагыраамаҕа Владимир Балынец (пауэрлифтинг), Анастасия Диодорова (харбааһын), Степанида Артахинова ( ох саанан ытыы) уонна Алена Дмитриева (кэлээскэнэн волейбол) кытталлар.
This post was published on 20.07.2016 11:04 11:04