Саха сириттэн 450 киһи баҕа өттүнэн анал байыаннай дьаһалга барарын биллэрдэ

Саха сириттэн 450 киһи «Госуслуги» нөҥүө быстах байыаннай хомуурга баҕа өттүнэн баралларын биллэрдилэр. Ол туһунан СИА-ҕа байыаннай  комиссар Александр Авдонин эттэ.

«Саха сириттэн олус элбэх киһи быстах байыаннай хомуурга барар баҕалаахтарын биллэрдилэр. «Госуслуги» нөҥүө 450 киһи сайабылыанньа суруйда.

Баҕа өттүнэн барааччылар түөрт уонна онтон элбэх оҕолоох буолуохтарын сөп. Маны сэргэ эрдэ байыаннай сулууспаҕа да сылдьыбатах буолуон сөп. Ирдэбиллэргэ сөп түбэспэт буоллаҕына, биһиги салгыы сулууспаҕа ыытартан аккаастыыбыт. Механизм бэбиэскэнэн ыҥырыллыбыттар курдук», — диэтэ Александр Авдонин.

This post was published on 17.10.2022 14:28 14:28