Саха сиринээҕи УФСИН үлэтигэр туттар анал массыына ылла

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиринээҕи УФСИН хонбуойга отдела үлэлэригэр аналлаах саҥа массыыналаннылар. Ол туһунан биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Автомобильга алта биирдиилээн олорор уонна икки уопсай камералаах, иһитиннэрэр, сылытар уонна салгыны ыраастыыр автономнай систиэмэлээх.

«ГЛОНАСС/GPS» навигация систиэмэлээх, охрана уонна сибээс сириэстибэлэрдээх, видеонан кэтээн көрөр, киһи саҥатын уһултарар тэриллэрдээх.

Анал уотунан уонна тыаһынан биллэрэр сигналлардаах.

This post was published on 28.02.2024 15:34 15:34