Саха сирин премьер миниистирэ Андрей Тарасенко уонна регион министиэристибэлэрэ Саха АССР 100-сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт ыччат бырабыыталыстыбатын саҥа бырайыактарын кытта билистилэр. Мунньах түмүгүнэн Тарасенко туһааннаах министиэристибэлэр бырайыактары өйүүллэрин сорудахтаата.
Биир сүрүн бырайыактартан биирдэстэрэ — Дьокуускай аэропордугар сөмөлүөккэ олорор толуоннары тас көстүүтүн үбүлүөйгэ сыһыаннаах гына оҥоруу буолар.
«Саха АССР 100 сылыгар анаан, эдэр ыччаттарга сөмүлүөккэ олорор толуон дизайнын оҥорууга куонкурус биллэриэхпит. Маннык дизайн тас дойдулартан кэлэр, атын сиргэ көтөр дьон болҕомтотун тардыаҕа. Биһиги бырайыактар быһа холоон, хайдах көстүүлээх буолуохтаахтарын эрдэттэн оҥорон билиһиннэрдибит«, — диэн ыччат бырабыыталыстыбатын чилиэнэ Алена Неустроева кэпсээтэ.
Андрей Тарасенко бу идеяны тимир суол уонна оптуобус билиэттэригэр тарҕатарга этии киллэрдэ. Туһааннаах сорудаҕы Өрөспүүбүлүкэ Тырааныспарын уонна суол-иис хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр биэрдилэр.
Премьер эдэр ыалларга көмөлөһөр хайысханы эмиэ өйөөтө. Оҕону былааннааһын уонна иитии боппуруостарыгар толору уонна актуальнай информация регион порталга мунньуллуоҕа.
Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова төрөппүт эппиэтинэстээх буолуутун туһунан сокуону олоххо киллэриигэ этии киллэрдэ. Билигин былаан 2022 сыл олунньутугар диэри оҥоһуллан сөбүлэһиигэ уонна бигэргэтиигэ киллэриллиэҕэ.
САССР 100 сылыгар аналлаах бырайыактар быыстарыгар өрөспүүбүлүкэ эдэр учууталларыгар уонна педагогтарыгар грантовай куонкурустары ыытыы, оскуола үөрэнээччилэригэр Арассыыйа уонна Саха киинэлэрин көрдөрүү, өрөспүүбүлүкэ эдэр фермердэрин түмсүүлэрин тэрийии уо. д. а.
Санатан эттэххэ, ыччат бырабыыталыстыбата уопсастыбаннай түмсүү быһыытынан СӨ бырабыыталыстыбатыгар көмө-тирэх буолар. Быйыл күһүн төрдүс састаап үлэтин саҕалаабыта. Манна барыта араас эйгэттэн 27 эдэр исписэлиис киирэн үлэлии сылдьар. Бу иннинээҕи састаап үс сыл үлэлээн былырыын Арассыыйаҕа бастыҥ ыччат бырабыыталыстыбатын, ону сэргэ бастыҥ бырайыактаах түмсүү аатын ылбыттара.
This post was published on 28.12.2021 15:13 15:13