Саха сирин волейболга хамаандатын хапытаана кыайтарыы төрүөтүн быһаарда

Волейболга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын хапытаана Иосиф Лавров кини хамаандатыгар бииргэ оонньуур үөрүйэх, түмсүүлээх буолуу тиийбэтэҕиттэн кыайтарбыттарын туһунан СИА-ҕа эттэ. Кинилэр Сибиир федеральнай уокуругун хамаандатын кытта күөн көрсүүгэ 0:3 ахсаанынан хоттордулар.


«Биһиги бииргэ оонньообуппут биир эрэ ый буолла. Ону таһынан бэйэбит алҕастары оҥордубут», —диир кини.

ХИФУ спортка психолога Евдокия Неустроева этэринэн, волейбол спорт атын көрүҥнэриттэн уустук психобырагыраамалаах. «Волейбол муҥутуур болҕомтону, бииртэн атыҥҥа тута көһө охсор дьоҕуру, түргэнник толкуйдааһыны эрэйэр», — диир кини.

Саха сирин уолаттарын хамаандата өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыттан сүүмэрдэммитэ, 10-150 спортсментан бастыҥнары талбыттара. «Оҕолор бары күүстээхтэр, ураты тиэхиньикэлээхтэр. Волейбол үчүгэй оскуолата суоҕа биллэр», —диир Неустроева.

This post was published on 16.07.2016 12:56 12:56