Саха сирин ууларыгар сыл саҕаланыаҕыттан тоҕус киһи сүттэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр 2024 сыл саҕаланыаҕыттан уу эбийиэктэригэр тоҕус киһи сүттэ, ол туһунан быыһыыр сулууспа иһитиннэрдэ.

Биэдэмистибэҕэ иһитиннэрбиттэринэн, ууга былдьаныы уонна сүтүү, былырыыҥҥы дьылга тэҥнээтэххэ, быйыл кыччаата. 9 ыйга 87 киһи, ааспыт сылга — 76.

2023 сылга тохсунньу — балаҕан ыйдарыгар 43 киһи ууга өллө, быйыл — 29. Ити эрээри быйыл ууга сүтүү ахсаана үс төгүл эбилиннэ.

This post was published on 16.10.2024 13:29 13:29