Саха сирин ууһуттара оҕолорго «Дьол хараабылын» бэлэхтээтилэр

Оҕо көмүскэлин күнүн чэрчитинэн, «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» ААУо доруобуйаларыгар хааччахтаах, тулаайах итиэннэ элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоругар аһымал акцияны тэрийэн, «дьол хараабылын» бэлэхтээтилэр.


Бу күн Дьокуускай куорат уонна Жатай, Марха, Маҕан анал оскуолаларын үөрэнээччилэрэ муһуннулар. Мархатааҕы 1-кы нүөмэрдээх оскуола педагога Марфа Слепцова бу тэрээһиҥҥэ бастакытын кыттан, 23 оҕону арыаллаан аҕалбыт. «Биһиги оскуолабыт оҕолоро куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар күрэхтэһиилэргэ, олимпиадаларга көхтөөхтүк кытталлар. «Дьол хараабыла» тэрээһиҥҥэ ыҥырбыттарыгар олус үөрбүппүт. Маннык бырайыак номнуо хаһыс да төгүлүн ыытыллар эбит. Онон тэрийээччилэргэ оҕолор уонна төрөппүттэр ааттарыттын махталбытын тиэриэрдиэ этибит», – диэн санаатын үллэһиннэ.

«Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» кырдьаҕас круизнай теплохода «Демьян Беднай» сыл ахсын аһымал акциянан навигациятын саҕалыыра үтүө үгэскэ кубулуйда. Ол курдук «Дьол хараабыла» бырайыак быйыл номнуо алтыс сылын ыытыллан, быйыл 170-тан тахса оҕоҕо Өлүөнэ эбэ устун күүлэйдииргэ кыах бэрилиннэ.

«Бу бырайыак үтүө үгэскэ кубулуйара чахчы. Биһиги доруобуйаларыгар хааччахтаах, ыарыһах, инбэлиит оҕолорго көмөлөһүөхпүтүн, үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтиэхпитин наада», – диэн пароходство генеральнай дириэктэрэ Сергей Ларионов иһитиннэрдэ.

This post was published on 31.05.2016 16:16 16:16