Уунан устуу, булуустар, история маршруттара, интэриэһинэй көстүүлэр. ЯСИА өрөбүл күннэр турдарын тустарынан хомуйан таһаарда.
Өлүөнэ эбэ устун «луук» айана
Сынньалаҥы туһалааҕы кытта холбуоххутун баҕарар буолаххытына, туроператордар биир күннээх Өлүөнэ эбэнэн «луук» айаныгар ыҥыраллар. Билигин Саха сиригэр А, В уонна С битэмииннэрдээх, аминокислоталаах айылҕа луугун хомуйуу үгэнэ. Бэс ыйын ортотугар диэри хомуллар, онон бу өрөбүллэргэ оруобуна сөп буолар.
Өрүһүнэн катамарааннарынан устаҕыт, мотуордаах тыыга холбонон, маршрут Хатастан Улуу Арыыга диэри барар. Айан сыаната сыаната 3000 солк. Манна толору трансфер, уунан устар тэрил, ас, инструктор уонна асчыт өҥөтө киирэр.
Атын туһалаах, кэрэ айаннар тустарынан манна ааҕыҥ https://ysia.ru/tury-vyhodnogo-dnya-gde-mozhno-otdohnut-letom-yakutyanam-v-2024-godu/