Саха сирин урбаанньыттарыгар 6%-наах кирэдьиити биэрэр буолуохтара

НВК САХА – “Аччыгый уонна орто урбаан уонна биирдиилээн урбаан көҕүлээһинин өйөөһүн” диэн национальнай бырайыак чэрчитинэн Саха сирин урбаанньыттарыгар чэпчэтиилээх кирэдьиит бырагыраамата үлэтин саҕалаата. Бу туһунан СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

“Бу тэрээһин иитинэн 2019 сылтан саамай уһаабыта биэс сылга 5 мөлүйүөн солкуобайга диэри 6%-наах кирэдьиит көрүллэр. Туризм, ювелирнай хайысха, бэйэ бородууксуйатын оҥоруу уонна уһаныы эйгэтин урбаанньыттара Арктическай улуустарга үлэлиир буолуохтаахтар”, – диэн СӨ урбаан, атыы-эргиэн уонна туризм миниистирин солбуйааччы Ирина Гаргач эттэ.

Ол курдук урбаанньыттар сайабылыанньа түһэриэхтээхтэр. “СӨ урбааны сайыннарыы Пуондата” хампаанньа суотугар үбүлээһин көрүллэр. Сиһилии манна ааҕыҥ.

Источник: http://nvk-online.ru

This post was published on 14.08.2019 16:48 16:48