Бүгүҥҥүттэн муус устар 2 күннэригэр диэри Саха сиринээҕи наука дьоҕус академиятыгар «КосмоМАНиЯ» хайысхалаах аэрокосмическай смена саҕаланна. Оскуола үөрэнээччилэрэ стратостат оҥоруохтара уонна ону Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр кулун тутар 31 күнүгэр көтүтүөхтэрэ.
«РНА Сибиирдээҕи салаатын Ю.Г. Шафер аатынан космофизическай чинчийии уонна аэрономия института этэринэн, маннык дьаһал Саха сирин историятыгар аан бастакытын буолар. Норуоттар ардыларынааҕы таһымнаах буолара күүтүллэр. Өссө үөрүүлээҕэ, бу оҕолорго аналлаах тэрээһин. Сменаҕа Гонконг талааннаах оҕолорун кытта үлэлиир сүрүн оскуола үөрэнээччилэр кыттыахтара. Бу холбоһуктаах бырайыак буоларыгар эрэллээхпит», — диэтэ академия талааннаах оҕолору кытта үлэ регионнааҕы киинин салайааччыта Сергей Попов.
Смена кэмигэр оҕолор стратостат оҥоһуллуутун кытта билсиэхтэрэ, ылбыт теория билиилэрин практикаҕа туттуохтара, көтүүнү барытын кэтээн көрүөхтэрэ. Оҕолорго М.Ф. Решетнев аатынан наука уонна технология Сибиирдээҕи университет исписэлиистэрэ уонна «Стратонавтика» хампаанньа көмөлөһүөхтэрэ.
This post was published on 25.03.2024 13:02 13:02