Кыракый, сорох сирдэринэн орто хаар оптуорунньукка Саха сирин соҕуруу, илин, хотугулуу-илиҥҥи уонна киин улуустарыгар сабаҕаланар. Маннык халлаан туруга сэрэдэҕэ диэри туруоҕа, чэппиэргэ өрөспүүбүлүкэ улахан аҥарыгар хаардыаҕа. Ол туһунан Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрдэ.
Бүгүн күнүс үксүгэр -28…-33°, арҕаа -34…-39°, оттон хотугулуу-илин -23…-28°.
Дьокуускайга тохсунньу 27 күнүгэр күнүс -28…-30°, кыракый хаар уонна 7 м/с диэри биллэр тыал.
Сэрэдэ уонна чэппиэргэ түүҥҥү температурата -30…-35°, арыллар кэмигэр -40…-45°, оттон хотугулуу — арҕаа намыһах сирдэргэ -50° тиийиэҕэ. Күнүс ортотунан -25…-30°, арҕаа -35°, соҕуруу, соҕуруулуу-илин -20…-25°, Халымаҕа уонна Арктика илин кытылыгар -15…-20°буолуоҕа.
This post was published on 27.01.2026 08:01 08:01