22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирин улуустарыгар байыастарга анаан дьаарбаҥкалар тэриллиэхтэрэ

12:53, 13 августа
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспата байыастары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөн, көмөлөһөн араас хайысхалаах үлэтин салгыыр. Ордук үлэнэн хааччыйыыга улахан болҕомто ууруллар. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.

«Атырдьах ыйын 16 күнүгэр улуустарга байыастарга анаан дьаарбаҥка ыытыллыа. Манна 50-тан тахса үлэ биэрээччи кыттара былааннанар. Олор ортолоругар бырамыысыланнай хампаанньалар баар буолуохтара. Маны сэргэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр чугас дьонноро «Олохтоох каадыры — бырамыысыланнаска» диэн улахан дьаарбаҥкаҕа кыттыахтарын сөп. Бу дьаарбаҥка атырдьах ыйын 22 күнүгэр буолар», — диир СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин дириэктэрэ Николай Иванов.

Кини бэлиэтииринэн, сыл саҕаланыаҕыттан дьарыктаах буолуу сулууспатыгар уопсайа 288 байыас уонна кинилэр чугас дьонноро сылдьыбыттар. Кинилэртэн 154 үлэнэн хааччыллыбыт. Ол иһигэр 44 оҕо, бу байыастар оҕолоро сайыҥҥы сынньалаҥнарын кэмигэр.

Маны таһынан, дьарыктаах буолуу сулууспатынан саҥа оробуочай идэни ыларга 68 киһи үөрэххэ ыытыллыбыт. Биэдэмистибэлэр икки ардыларыгар хардарыта сибээстээх үлэ ыытыллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар