ЫБММ кылаабынай управлениетын Саха сиринээҕи салаатыгар эппиттэринэн, астероид сир шарын тулалыыр салгын бүрүөтүн үрдүнэн ааста уонна кутталы үөскэппэт.
Эрдэ Роскосмос кутталлаах астероид Сиргэ чугаһыырын сэрэппитэ.
Саха сиригэр астероид түһүүтүн траекторията ситиһиилээҕинэн уратылаах диэххэ сөп. Ол туһунан «Известия» хаһыакка профессор уонна РНА метеориттарга кэмитиэтин чилиэнэ Виктор Гроховскай суруйда.
«Сир телескоптара халлаан олус кыра чааһын кэтээн көрөллөр. Онон астероиды тутан көрүү улахан ситиһии буолар. Түһүүтүн траекториятын уонна кэмин астрономнар арыый хойутуу буоларыгар суоттаабыттар. Бу уопсайынан ситиһии», — диэтэ кини.
Өлүөхүмэ, Ленскэй, Сунтаар улуустарыгар видеоҕа хатаан хаалларбыт дьикти көстүүлэрэ — комета курдук кутуруга уонна күлүм гыныы.
This post was published on 04.12.2024 10:01 10:01