Ил Дархан Айсен Николаев анал этиитигэр 2022 сылы Саха сиригэр «Ийэ сылынан» биллэрбитэ. Муниципальнай тэриллиилэргэ эмиэ «Сылы» биллэрии дьаһала үгэскэ кубулуйда. Улуустар быйылгы тэрээһиннэрин ханнык хайысхаҕа туһаайбыттарын СИА билистэ.
- Абый улууһугар – Аҕа сыла
- Алдаҥҥа – Дьиэ кэргэн сыла
- Аллайыахаҕа – Аҕа сыла
- Аммаҕа – Аҕа сыла
- Анаабырга — биллэрэ иликтэр
- Булуҥҥа — биллэрэ иликтэр
- Үөһээ Бүлүүгэ – Ийэ тыл сыла
- Үөһээ Халымаҕа — улуус дьаһалтатыгар сатаан эппиэтээбэтилэр
- Дьааҥыга – Оҕо саас сыла
- Бүлүүгэ – Бүлүү чулуу дьонун сыла
- Горнайга — Экология сыла
- Эдьигээҥҥэ — Дьиэ кэргэн сыла
- Кэбээйигэ – Тыыл бэтэрээннээрин уонна сэрии оҕолорун сыла
- Ленскэйгэ – Ийэ сыла
- Мэҥэ Хаҥаласка – Дьиэ кэргэн сыла
- Мииринэйгэ – Ийэ сыла
- Муомаҕа – Дьиэ кэргэн бэлиитикэтин сыла
- Намҥа – М.К. Аммосов 125 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах сыл
- Нерюнгрига – Ийэ сыла
- Аллараа Халымаҕа— Дьиэ кэргэн сыла
- Ньурбаҕа — Норуот көҕүлээһинин сыла
- Өймөкөөҥҥө — Үтүө дьыала сыла
- Өлүөхүмэҕэ – Эдэр ыалларга аналлаах сыл
- Өлөөҥҥө — биллэрэ иликтэр
- Орто Халымаҕа — Ийэ сыла
- Сунтаарга– Дьиэ кэргэн сыла
- Тааттаҕа – Ийэ сыла
- Томпоҕо – Дьиэ кэргэн сыла
- Уус Алдаҥҥа — Патриотизм сыла
- Уус Майаҕа– Ийэ сыла
- Усуйаанаҕа — Геройдар сыллара
- Хаҥаласка – История өйдөбүлүн сыла
- Чурапчыга – Төрөөбүт төрүт сир сыла
- Эбээн-Бытантайга – Дьиэ кэргэн сыла
- Дьокуускайга — Тупсарыныы үс сыла
- Жатайга — Ийэ сыла.
This post was published on 04.02.2022 13:01 13:01