Хотугулуу-илиҥҥи федеральнайдааҕы университет уонна «Вектор» киин былыргы кэрбээччилэр былчыҥнарын палеовирус ыарыытын билээри үөрэтэллэр. Харамайдар 2021 сыл атырдьах ыйыгар Халыма өрүс орто сүүрүгэр булуллубуттар.
«Палеовирустары көрдөөн үөрэтэбит. Оччоҕуна инникитин ханнык куттал суоһуурун борогунуостуубут. Икки бүтэһик сыллар көрдөрбүттэринэн, киһи-аймах вирус араас хайысханан сайдар кыахтааҕар бэлэм буолуохтаах. Ол иһин бу үлэ биһиэхэ олус суолталаах»,— диэтэ биологическай наука кандидата, «Вектор» киин старший научнай сотруднига Олеся Охлопкова.
ХИФУ уонна «Вектор» киин 2021 сыллаахха бииргэ үлэлиир суруйсубут сөбүлэҥнэригэр олоҕурар.
Хаартыска: Павел Кассин, Коммерсантъ
This post was published on 18.11.2021 16:33 16:33