Саха сиринээҕи геология института көстүбэт кыһыл көмүһү үөрэтиинэн дьарыктанар. Чинчийэр сирдэринэн хотугулуу-илин хайысханан Дьааҥы — Халыма металлогеническай эргимтэ (Хаҥалас, Кыра Тарыҥ, Бадран Өймөкөөн оройуонугар, Вьюн, Кючус Дьааҥы оройуонугар), суруйар СИА.
Бу сирдэр «орогенные месторождения золота» диэнинэн биллэллэр. Ол эбэтэр манна көстүбэт кыһыл көмүс баар.
Институт учуонайдара Хаҥалас сирин-уотун буллулар, көстүбэт кыһыл көмүһү хайдах аныгы ньымаларынан булары үөрэттилэр.
Көстүбэт кыһыл көмүс Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Россия кыһыл көмүһүн бырамыысыланнаһын инникитин быһыытынан сыаналанар.
This post was published on 07.10.2021 17:01 17:01