2024 сылга өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 15 млрд солк тыырыллыбыта. Үбүлээһини, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, өссө 500 тыһ солк улаатыннардылар.
Харчы тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарааччылары өйүүргэ туһуланар, диэн суруйда регион салалтатын пресс-сулууспата.
Тохсунньу 1 күнүттэн үүккэ субсидия биир киилэҕэ 65 солк буолла. Кэтэх хаһаайыстыбалаахтар ыанар ынахтарыгар көрүллэр суума 39 тыһ солк тэҥ, Арктика улуустарыгар — 45 тыһ солк. Бу сылга биирдэ көрүллэр көмө.
Агротехнологическай үлэҕэ көрүллэр субвенция эбилиннэ. Хортуоппуйга биир гектарга — 35 тыһ солк, оҕуруот аһыгар — 45 тыһ солк, бурдук үүннэриитигэр — 13 тыһ солк диэри.
Маны сэргэ сүөһү көрүүтүгэр, табаны иитиигэ, балыктааһыҥҥа уонна да атын хайысхаларга көрүллэр суумаҕа эбиллии баар. Бородууксуйаны оҥорон таһаарар тэрилтэлэри өйүүр былааннаахтар.
This post was published on 23.01.2024 12:01 12:01