Саха сирин тустууктара Олимпийскай оонньууларга путевка иһин киирсиэхтэрэ

DAGESTAN, RUSSIA - MAY 5, 2018: Armenia's Mihran Jaburyan (R) and Belarus' Vladislav Andreev fight in their men's freestyle wrestling -57kg bout at the 2018 European Wrestling Championships at Ali Aliyev Sport Complex in the city of Kaspiysk. Stanislav Krasilnikov/TASS (Photo by Stanislav KrasilnikovTASS via Getty Images)

Будапешка кулун тутар 18 — 21 күннэригэр тустууга европейскай лицензионнай олимпийскай турнир буолар. Ыйааһыннарыгар финалистар Токиотааҕы Олимпийскай оонньууларга путевка тутуохтара.


Беларусь уонна Македония сүүмэрдэммит хамаандаларыгар саха тустууктара киирсэн, талар киирсиилэргэ кыттыахтара. Биһиги спортсменнарбыт туһатыгар сэрэбиэй түһүүтэ кытаанах буолла. Утарсааччылара бастакы эргииргэ бары сүрүн фавориттар.

Владислав Андреевка (57 кг) 2019 сыллааҕы Европа чемпиона Арсен Арутюнян Арменияттан тахсар. «Македонец» Владимир Егоров Грузия чемпиона Бека Буджишвилины кытта күөн көрсүөҕэ. Ньургун Скрябин (65 кг) 2020 сыллааҕы аан дойду Кубогын хаһаайына Вазген Теванян Армения утары тахсыан сөп.

Күрэхтэһиини TELESPORT көрдөрөр.

Бырагырааманы манна билис: https://ysia.ru/surovyj-zhrebij-volniki-iz-yakutii-poboryutsya-za-putevki-na-olimpijskie-igry/

Источник: Sportyakutia.ru

This post was published on 18.03.2021 18:01 18:01