Саха сиригэр тус хаһаайыстыбалар биир лиитэрэ үүтү сүүрбэ солкуобайга туттаран эбии дохуот ылыахтарын сөп. Санатан эттэххэ, кинилэр тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн саҥа механизмыгар сөп түбэһиннэрэн, 35 тыһыынча солкуобай көмөнү ыла олороллор. Маннык быһаарыылары өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев ылынна, ол туһунан Ил Түмэҥҥэ тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн тематыгар төгүрүк остуолга эттэ диэн Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
Михаил Никифоров төгүрүк остуол кэмигэр тыа хаһаайыстыбатын субсидиятын саҥа 2021 сылтан саҕалаан киирбит механизмын бастакы түһүмэҕин туһунан тохтоон кэпсээтэ. Вице-премьер бэлиэтээбитинэн, бу сокуон көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ табаары оҥорооччулара былырыыҥҥытааҕар элбэх үбү киллэриммиттэр. 2021 сылга 57 тыһыынча туонна үүккэ 2,8 млрд солк. ыыппыттар, оттон ыанар төбө ахсаанынан көмөҕө 1,2 млрд солк. үп көрүллүбүт. Хайысханы өйөөһүн 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 30% үрдээтэ.
Он сказал, что с 2022 года вступил в силу второй этап программы. Поддержку направят на заготовку мяса, овощей открытого грунта, картофеля, муки. Система заготовки будет выстроена аналогично системе заготовки молока, то есть муниципальный район на местах определяет заготовительную организацию, далее заготовитель осуществляет закуп мяса у сельхозтоваропроизводителей по цене не ниже рекомендуемой минимальной заготовительной цены, установленной министерством сельского хозяйства.
Кини 2022 сылтан бырагыраама иккис түһүмэҕэ киирэрин иһитиннэрдэ. Өйөбүлү эти оҥорон таһаарыыга, оҕуруот аһын олордууга , хортуоппуйу, бурдугу үүннэриигэ ыытыахтара. Бу хайысхаҕа соҕотуопка системата үүтү соҕотуопкалыыр системаҕа маарынныыр буолуоҕа, ол эбэтэр муниципальнай оройуоннар бэйэлэрин иһигэр соҕотуопкалыыр тэрилтэлэри быһаарыахтара. Салгыы эти тыа хаһаайыстыбата быспыт сыанатыттан итэҕэһэ суох суумаҕа табаары оҥорооччулартан атыылаһыахтара.
Михаил Никифоров өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев бэйэ кэтэх хаһаайыстыбаларыттан үүтү атыылаһыы сыанатын 1 лиитэрэтин 20 солк. итэҕэһэ суох гынарга сорудахтаабытын санатта. Бу субсидия судаарыстыбы бүддьүөтүн суотугар бэриллиэҕэ. Билигин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ балаһыанньаны оҥоро сылдьар. Михаил Никифоров өрөспүүбүлүкэ оройуоннарын бу хайысхаҕа үлэни саҕалыылларыгар ыҥырда.
This post was published on 06.04.2022 14:01 14:01