Саха сирин туристическай кластердара Уһук Илини сайыннарыы бырагырааматыгар киирдилэр

«Өлүөнэ» уонна Өймөкөөннөөҕү «Тымныы полюһа» туристическай кластердар Уһук Илини сайыннарыы национальнай бырагырааматыгар киирдилэр. Бу туһунан ТАСС суруйар.


«Өлүөнэ» кластерыгар Хаҥалас улууһун туристическай сирдэрэ — Уус Буотама бизонарийа, Тукулаан кумахтаах сирэ, Булуус, Күрүлүүр, Турук хайалара киириэхтэрэ. Кластер уопсай иэнэ 292 тыһ. га. буолуо, Өлүөнэ очуостарыгар диэри сылы эргиччи сылдьар айан суоллааҕынан табыгастаах буолуо.

«Өймөкөөн – Тымныы киинэ» кластер Уус Ньара, Томтор, Өймөкөөн нэһилиэктэригэр туризмы сайыннарар соруктаах. Бырайыак чэрчитинэн арт-галерея, кыһыҥҥы аттракционнардаах сынньанар дьиэ, бултуур уһаайба, туркомплекстар, сынньалаҥ итиэннэ экстремальнай туризм паарката, кыһыҥҥы хайыһар баазата, көстүүнэй комплекса туттуллаллара былааннанар.

This post was published on 30.09.2020 17:01 17:01