Саха сирин Бриллиантовай цирката коронавирус инфекцията тарҕанарын утары өрөспүүбүлүкэҕэ ылыныллыбыт дьаһалларга олоҕуран, бэйэтин тэрээһиннэрин көһөрдө. СИА-ҕа тустаах тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Бүгүн Саха сиригэр коронавирус суох. Ити эрээри региоҥҥа ылыллыбыт сөптөөх дьаһалларга олоҕуран, тэрээһиннэри көһөрдүбүт. Билиэттэри баар быраабылаларынан төнүннэриэххэ сөп. «Каникуллар» түргэнник ааһалларыгар, саҥа көрсүһүүлэр үөрүүлээх буолалларыгар эрэнэбит. Цирк олоҕун туһунан социальнай ситимнэрбитигэр уонна сайтка көрүөххүтүн сөп. Доруобай буолуҥ, бэйэҕитин уонна тулалыыр эйгэҕитин харыстааҥ», — диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
«Волшебная лампа» цирковой көрдөрүү, «Мамонтенок-2020» ХХ өрөспүүбүлүкэтээҕи цирка бэстибээлэ, «Заколдованный мир» квест-оонньуу, «За кулисами» циркаҕа экскурсия, «Школа волшебства» оҕо выпускнойдара тэрээһиннэр көһөрүлүннүлэр.
This post was published on 17.03.2020 16:06 16:06