Саха сирин тоҕус оройуонугар ойуур баһаара баар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр ойуур баһаара 58 (от ыйын 31 күнүгэр 47) баар, уопсай иэнэ 48,6 тыһ га. Ол туһунан атырдьах ыйын 1 күнүгэр экология министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Ойуур тоҕус улуус территориятыгар умайар — Абый, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Муома, Аллараа Халыма, Орто Халыма, Томпо, Усуйаана уонна Эбээн Бытантай.

Уоту кытта охсуһууга 259 киһи үлэлиир. Ааспыт сууккаҕа сэттэ ойуур баһаара бохсулунна, Абыйга, Дьааҥыга, Томпоҕо. Үлэ суһала 64%.

ЧС эрэһиимэ Дьааҥыга уонна Томпоҕо бэлиэтэнэр.

This post was published on 01.08.2025 09:41 09:41