“Саха сирин тимир суоллара” үлэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар

“Саха сирин тимир суоллара” ааксыйалаах хампаанньа салааларын салайааччыларыгар үлэ харыстабылыгар анаммыт семинар-сүбэ мунньах ыытылынна. Бу тэрээһини үлэ харыстабылын, бырамыысыланнаска уонна экологияҕа куттал суох буолуутун исписэлиистэрэ ыыттылар.


Семинарга үлэ харыстабылын хааччыйыыга көмөлөһөр ньыманы — хампаанньа эбийиэктэригэр үлэ харыстабылын үс түһүмэхтээх хонтуруоллааһын тула кэпсэттилэр. Үс түһүмэхтээх хонтуруол көмөтүнэн үлэ харыстабыла хайдах ыытылларын, үлэлиир миэстэҕэ куттал суох буолуутун ирдэбиллэрин толорууну, үлэлиир усулуобуйаны, дэҥтэн-оһолтон сэрэтиини кэтээн көрөллөр.

Хампаанньа сиригэр-уотугар үлэлиир бэдэрээттиир тэрилтэлэр үлэлэригэр сыһыаннаах, үлэһиттэргэ анаан атыылаһыллар кэтэр таҥастарын уонна атахтарын таҥаһын туһунан эмиэ кэпсэттилэр.

“Маннык семинардары ыытыы “Саха сирин тимир суоллара” ааксыйалаах хампаанньаҕа үгэскэ кубулуйда, тоҕо диэтэххэ, бэйэбит үлэһиттэрбитигэр куттала суох уонна табыгастаах усулуобуйаны тэрийии сүрүн сорукпутунан буолар”, — диэн бэлиэтээтэ “Саха сирин тимир суоллара” АК” АУо үлэ харыстабылын, бырамыысыланнаска уонна экологияҕа куттал суох буолуутун отделын начаалынньыга Леонид Томилов.

This post was published on 05.03.2018 12:30 12:30