Саха сирин танкистара СВО-ҕа бойобуой күннэрин туһунан кэпсээтилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Карат диэн позывнойдаах тааҥка хамандыыра бэйэтин экипаһын бойобуой суолун туһунан кэпсээтэ. Бары сахалар. Кини интервьюну РФ сэбилэниилээх күүстэрин биир бөдөҥ холбоһугун байыаннай кэрэспэдьиэнигэр биэрдэ.

Экипаж чилиэннэрэ бары СВО-ҕа быстах ыҥырыыга түбэһэн, 2022 сыл балаҕан ыйыгар барбыттар. Үһүс сылларын Донбасс итии туочукаларыгар өстөөҕү кытта охсуһаллар. Бу кэм иһигэр байыастар арааска түбэспиттэр, элбэҕи туораабыттар, өстөөх дронугар кытта түбэспиттэр.

Ааптар: Герман Яковлев

This post was published on 11.03.2025 12:18 12:18