Карат диэн позывнойдаах тааҥка хамандыыра бэйэтин экипаһын бойобуой суолун туһунан кэпсээтэ. Бары сахалар. Кини интервьюну РФ сэбилэниилээх күүстэрин биир бөдөҥ холбоһугун байыаннай кэрэспэдьиэнигэр биэрдэ.
Экипаж чилиэннэрэ бары СВО-ҕа быстах ыҥырыыга түбэһэн, 2022 сыл балаҕан ыйыгар барбыттар. Үһүс сылларын Донбасс итии туочукаларыгар өстөөҕү кытта охсуһаллар. Бу кэм иһигэр байыастар арааска түбэспиттэр, элбэҕи туораабыттар, өстөөх дронугар кытта түбэспиттэр.
Ааптар: Герман Яковлев