Саха сирин суорумньуһуттара ассоциация тэринэри быһаарсаллар

Быйылгы сылга 16345 оҕо күн сирин көрбүт. Бу былырыыҥҥы сылга тэҥнээтэххэ 665 оҕонон аҕыйах (2015 с. 17010 оҕо төрөөбүт). Маннык сыыппаралары СӨ Дьахталларын Сойууһун салайааччыта Анжелика Андреева бүгүн «Арчы» дьиэтигэр буола турар «Суорумньу — төлкөнү түстээһин» диэн «төгүрүк остуолга» холобурдаата.


Суолталаах тэрээһиҥҥэ, Чурапчыттан, Горнайтан, Өймөкөөнтөн уопуттаах, ааттаах-суоллаах суорумньуһуттар кыттыыны ыллылар.

Удьуор утум салҕана турарыгар баҕалаах сулумах сылдьар эр киһини уонна дьахтары ыал оҥорон, өрөспүүбүлүкэбитигэр дьоллоох дьиэ кэргэттэр элбии туралларыгар эһиги кылааккыт сүҥкэн, — диэн бэлиэтээтэ «төгүрүк остуолу» сүрүннээччи, ыал буолар урууну тэрийээччи Екатерина Бястинова.

Кэргэнниилэр ис уйулҕаларын үөрэтээччи, дьиэ кэргэн психолога Надежда Васильева Дьокуускай куоракка «Инсайт» диэн психологическай киин аһыллыбытын, бу общественнай тэрилтэ үлэтин ис хоһоонун туһунан кэпсээтэ. Уопуттаах түөрт психолог кэргэнниилэргэ, төрөппүккэ уонна оҕоҕо бэйэ-бэйэлэрин кытта өйдөспөт түбэлтэлэригэр сүбэ-ама биэрэр туһуттан бу олус наадалаах тэрилтэни тэрийбиттэр.

Суорумньуһуттар бэйэ-бэйэлэрин кытта көрсөн, санааларын атастаһан баран, барыларын сомоҕолуур уонна ситимниир общественнай ассоциация тэринэргэ быһаардылар.

This post was published on 09.06.2016 17:45 17:45