«Лена» федеральнайдааҕы трасса ааһар оройуоттарыгар тымныылар түһэннэр, суол сулууспалара кыһыҥҥы үлэ эрэсиимигэр көһөллөр.
Ол туһунан СИА-ҕа «Лена» суол управлениета иһитиннэрдэ. Хампаанньаҕа эппиттэринэн, салгын температурата -7 кыраадыска тиийтэлээбитэ бэлиэтэммит. Трассаҕа дьуһуурустубаҕа 33 анал техника уонна 100 үлэһит тахсыбыт.
Суоппардарга ыраах айаҥҥа массыынаны кыһыҥҥы бэлэмнээх таһааралларыгар сүбэлииллэр.
This post was published on 26.09.2022 17:32 17:32