Чугастааҕы икки сылга массыына суолларын тутууга, өрөмүөннээһиҥҥэ, оҥорууга дойдуга 100 млрд солк тыырыллар. Дьаһалга РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата. Саха сирэ ити сууматтан 248 мөл солк ылыаҕа.
Суолга көрүллүбүт харчы 69 региоҥҥа «Безопасные и качественные автомобильные дороги» национальнай бырайыак чэрчитинэн тыырыллар. 27 млрд солк 58 регион суолун өрөмүөнүгэр, атына тутууга уонна чопчу эбийиэктэри оҥорууга туттуллар.
Михаил Мишустин манна эбии Крым суолугар 10,5 млрд солк көрүллэрин дьаһайда, 330 км оҥоһуллуохтаах. Харчы бырабыыталыстыба саппаас пуондатыттан бэриллэр.
Мунньах кулун тутар 1 күнүгэр буолла. Михаил Мишустин регионнар баһылыктарыгар: «Куораттарга уонна сэлиэнньэлэргэ дьон суолу оҥорууга үлэ чуолкай түмүгүн көрүөхтээх», – диэтэ.
Сиһилии https://ysia.ru/yakutiya-dopolnitelno-poluchit-248-mln-rublej-na-razvitie-dorozhnoj-infrastruktury/
This post was published on 02.03.2021 14:03 14:03