Саха сирин спортсменнара мас тардыһыытыгар Уһук Илиннээҕи турнирга кыттыахтара

Хабаровскайга ыам ыйын 7-9 күннэригэр Уһук Илиҥҥэ мас-рестлинг чемпионатыгар Саха сириттэн 10 спортсмен кыттар.


Аан дойду чөмпүйүөнэ Татьяна Григорь, аан дойду Кубогар бириистээх миэстэҕэ тиксибит Михаил Ковалик, аан дойду чөмпүйүөнэ Дмитрий Саввин, Саха сирин чемпионаттарын призера Петр Бурнашев өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар сүрүн миэстэни ылаллар.

«Быйылгы турнирга биһиги спортсменнарбыт сүрүннээн 70 кг диэри ыйааһыҥҥа күрэхтэһиэхтэрэ, эдэр спортсменнар күүстэрин холонуохтара. Мин урукку өттүгэр чэпчэки ыйааһыҥҥа кыттар эбит буоллахпына, билигин ыйааһыммын эбэн, 70 кг. диэри ыйааһыннаахтарга киирсэбин. Төһө да кыттааччы ахсаана элбэҕин иһин, үчүгэй кирбиини ситиһиэм диэн бүк эрэллээхпин», — диэн СИА-ҕа Дмитрий Саввин эттэ.

Уһук Илин чемпионатыгар Саха сириттэн, Хабаровскайтан, Амур уобалаһыттан уопсайа 40-ча спортсмен кыттар.

Эр дьон 60, 70, 80, 105 кг диэри уонна 105 кг үөһээ, дьахталлар 55, 65, 75 кг диэри уонна 75 кг үөһээ ыйааһыннарга күрэхтэһиэхтэрэ.

Турнир муҥутуур кыайыылааҕа аат оонньонуоҕа. Былырыын ити үрдүк ааты Россия пауэрлифтиҥҥэ чөмпүйүөнэ Хабаровскай спортсмена Иван Захаров ылбыта.

This post was published on 06.05.2016 13:44 13:44