Алтынньы 9 күнүгэр Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин сокуоннарын нууччалыы уонна сахалыы тиэкистэрэ сѳп түбэсиhэллэрин олохтооhуҥҥа СѲ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) хамыыhыйатын бастакы мунньаҕа буолла. Ол туhунан Ил Түмэн пресс-сулууспата иhитиннэрдэ.
Мунньах кыттааччылара Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар сокуоннар тиэкистэрин кѳрүү туhунан боппуруоhу дьүүллэстилэр.
Хамыыhыйа бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков тиэкистэр сѳп түбэсиhиилэригэр хамыыhыйа үлэтигэр урукку ирдэбиллэр хаалбыттарын туhунан биллэрдэ. Кини тиэкистэр сѳп түбэсиhиилэрин олохтооhуҥҥа хамыыhыйа үлэтэ сэттис ыҥырыылаах парламент үлэтигэр улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ.
Судаарыстыбаннай Мунньах Регламенынан сѳп түбэсиhиини олохтооhун хамыыhыйатын боломуочуйаларыгар сокуоннар сахалыы уонна нууччалыы тиэкистэрэ сѳп түбэсиhэллэрин олохтооhуҥҥа Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин сокуоннарын бырайыактарын кѳрүү; сокуоннар нууччалыы уонна сахалыы тиэкистэрэ сѳп түбэсиhэллэрин туhунан түмүктэри бигэргэтии; саха филологиятын уобалаhыгар экспертэри кытары хардарыта үлэлэhии; бэйэ компетенциятын боппуруостарыгар рекомендациялары биэрии; бэйэ үлэтин тэрийии туhунан боппуруостары быhаарыы; дьиҥнээх Регламены кытта сѳп түбэhиннэрэн атын боппуруостары быhаарыы киирэллэр.
Мунньахха СѲ сокуоннарын нууччалыы уонна сахалыы тиэкистэрэ сѳп түбэсиhиилэрин олохтооhуҥҥа хамыыhыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алёна Атласова, хамыыhыйа чилиэнэ Андрей Находкин уонна хамыыhыйа сэкирэтээрэ Мария Илларионова кытыннылар.
Мунньах түмүктэринэн хамыыhыйа бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Судаарыстыбаннай Мунньах үhүс пленарнай мунньаҕар бу боппуруоhу киллэрэргэ наадалаах докумуоннарга илии баттаата.
Санаттахха, ѳрѳспүүбүлүкэ парламенын бастакы пленарнай мунньаҕын кэмигэр Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин сокуоннарын сахалыы уонна нууччалыы тиэкистэрэ сѳп түбэсиhиилэрин олохтооhуҥҥа СѲ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) хамыыhыйатын тэрийэр туhунан уураах ылыллыбыта.
Хамыыhыйа Саха Сирин сокуоннарын тиэкистэрин нууччалыыттан саха тылыгар тылбаастааhыҥҥа араастаhыылары уонна сѳп түбэспэт буолуулары туоратар сыаллаах тэриллибитэ. Хамыыhыйа чилиэннэрэ ѳрѳспүүбүлүкэ сокуоннарын тылбааhа дьиҥнээҕэр муҥутуур тэҥ суолталаах буоларын кѳрүѳхтэрэ, итиэннэ буолуон сѳп тылбаастаммыт тиэкиhи кѳҥүл тойоннооhуну утарар миэрэлэри ылынар буолуохтара.