Нерюнгриттан 57 км соҕуруулуу-арҕаа диэкки 4 — 4,5 бааллаах сир хамсааһына буолла. Эпикиин 10 км дириҥҥэ сытар, диэн иһитиннэрдэ ЯСИА-ҕа РНА Геофизическай сулууспатын Саха сиринээҕи филиалын дириэктэрэ Сергей Шибаев.
Сейсмособытие балаҕан ыйын 19 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн 06:55 чааска бэлиэтэммитэ.
«Соҕуруу Саха сиригэр Нерюнгриттан 57 км сиргэ 06 чаас 55 мин 37 сөкүүндэҕэ (олохтоох бириэмэ) сир хамсааһына буолла. Эпикиин дириҥэ 10 км, мск-64 шкалатынан интенсивность 4 — 4,5 баал», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
This post was published on 19.09.2025 10:33 10:33