Саха сирин соҕуруу өттүгэр 3 - 4 бааллаах сир хамсааһына буолла

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сирин соҕуруу өттүгэр МСК-64 шкалатынан 3 — 4 баал күүстээх сир хамсаата. Ол туһунан ЯСИАҕа РНА Геофизическай сулууспатын Саха сиринээҕи филиала биллэрдэ.
Айылҕа көстүүтэ олохтоох бириэмэнэн 00:57 чааска Нерюнгриттан 22 км арҕаа бэлиэтэннэ. Магнитудата — 3,0.

This post was published on 21.10.2024 13:08 13:08