Таатта, Хаҥалас, Уус- Алдан, Томпо, Амма, Кэбээйи, Сунтаар оройуоннарыгар уонна Дьокуускай куоракка үүтү соҕотуопкалааһын былаанын 90% толордулар. 2022 сылга үүт наадалаах кээмэйэ 62 тыһ. туонна буолар. Бу сыалга бырабыыталыстыба 3 млрд солк. тахса үп көрбүтэ. Бу туһунан Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
«Күн бүгүн 38 тыһ. тахса туонна үүт соҕотуопкаланна, бу сыллааҕы былаантан 63 % тэҥнэһэр. Биһиги сыыйа графикка киирэбит, сыл бүтүүтэ сыллааҕы былааммытын толоруохпут диэн эрэнэбит», — диэтэ кини.
Саха сирин баһылыга Айсен Николаев сорудаҕынан чааһынай хаһаайыстыбалаах дьонтон үүтү атыылаһыыга 58 мөл. солк. кээмэйдээх судаарыстыбыннай көмө оҥоһулунна.
«Онон тус хаһаайыстыбаларыгар, ыанар ынах төбөтүнэн 35 тыһ. солк. көмө төлөбүр ылар фермердэр эмиэ үүт туттарыахтарын сөп. Бу харчы соҕотуопкалааччыларга көмө быһыытынан барыаҕа», — диэн тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ кэпсээтэ.
This post was published on 25.08.2022 15:03 15:03