Санатории-России.рф портал 2024 сыл күһүн санаторнай-курортнай сынньалаҥы тэрийиигэ регионнар рейтиннэрин таһаарда. Сыаналааһын төрүөтүнэн өҥөнөн туһаммыт дьон ахсаана буолла.
Саха сирин санаторийдарыгар күһүҥҥү үс ый устата 2,8 тыһыынча киһи сынньанна, бу 2023 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 1% элбэх.
Уопсайынан Уһук Илиҥҥи федеральнайдааҕы уокурук санаторийдарыгар күһүн барыта 43 тыһыынча киһи сынньаммыт. Үс бастыҥ регионнар Приморье, Бурятия уонна Забайкалье буоллулар.
This post was published on 15.01.2025 17:03 17:03