Саха сирин салгынын флотун Россияҕа оҥоһуллубут сөмөлүөттэринэн саҥардар сорук турар

Дьокуускай, Нерюнгри уонна Өлүөхүмэ аэропортарын уларытан, саҥардан тутуунан сибээстээн, өрөспүүбүлүкэ салгынын флотун Россияҕа оҥоһуллубут сөмөлүөттэринэн саҥардыы күүтүллэр. Ол туһунан СИА-ҕа тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистир Александр Тарасов иһитиннэрдэ.


«Билигин Россия ырыынага биһиэхэ суперджеттары эрэ биэрэр кыахтаах, ити эрээри инникитин МС-21 баар буолуохтара диэн эрэнэбит. Биһиги бу боппуруоска күүскэ толкуйдуохпутун наада», — диэтэ биэдэмистибэ салайааччыта Александр Тарасов. 

Кини этэринэн, Нерюнгригэ уонна Өлүөхүмэҕэ сөмөлүөттэр олорор-көтөр балаһалара тутуллуутугар бэлэмнэнии үлэлэр саҕаланнылар. Чуолаан, Өлүөхүмэҕэ бетон билиитэлэрэ тириэрдилиннилэр. Өссө «Аэропорты Севера» ФКП-ны кытта дуогабар быһыытынан, Ан-2 уонна Ан-3 салгын ааллара түһэр авиабылаһааккалар оҥоһуллуохтаахтар.

Сөмөлүөттэри саҥардыыга Александр Тарасов эппитинэн, Ан-24 уонна Ан-26 сөмөлүөттэр оннуларыгар Ил-114-300 сиэрийэлэрин оҥортуу саҕаламмытынан, Саха сиригэр маннык бастакы сөмөлүөттэр 2024 сылга кэлэллэрэ күүтүллэр. Кини бэлиэтээбитинэн, салгын аала өрөспүүбүлүкэ этиитинэн 50 миэстэлээх, багаж уурар сирдээх буолуохтаах.

«Биһиги Ураллааҕы гражданскай авиация собуотун уонна РФ Минпромторгун кытта 40-миэстэлээх L-610 сөмөлүөтү ыларга үлэлиибит. Былаан быһыытынан, салгын аала 2022 сылга көтүүнү саҕалыахтаах, ити эрээри биһиги суоттанарбытынан, үлэ болдьоҕо эрдэлиэн сөп», — диэтэ миниистир.

This post was published on 11.11.2019 10:08 10:08